Ийэм барахсан, Петрова Матрена Петровна – дьоно-сэргэтэ ааттыырынан Буоста Муоча, мин оскуолаҕа киириэм инниттэн, инньэ 50-с сыллартан, оскуоланы бүтэрэн хара үлэһит буолуохпар, ойохтонуохпар, оҕолонуохпар – 70-с сыллар ортолоругар диэри бадахтаах, почтальоннаабыта. Сайынын өссө оҕуруокка үлэлиирэ.
Оччолорго, Өлүөнэ эбэбит быйаҥнаах илиҥҥи кытылыгар Ороссолуодаҕа хортуоппуйу, оҕуруот аһын үүннэриинэн, сир үлэтинэн идэтийэн дьарыктанар биригээдэ тэриллэн, онтон-мантан, араас сирдэртэн дьон-сэргэ, ыаллар көһүтэлээн кэлэн олохсуйан барбыттара. Арҕам-тарҕам сүүрбэччэ ыаллаах, буруолаах дьиэлээх дэриэбинэҕэ буоста (почта) диэн суоҕа. Икки көстөөх сиртэн Хаптаҕай буостатыттан күн аайы хаһыаттары, сурунааллары, суруктары, баһыылкалары хас да куул муҥунан тиэйэн аҕалан, биһиги, уйбаачааннар, кыстык угун саҕа дьиэбитигэр сүөкээн кэбиһэллэрэ.
Инньэ гынан, киирии-тахсыы, кэлии-барыы, аалыҥнаһыы бөҕө буолара. Дьиэбит аана сабыллыбат этэ. Ыччуу, дэлби аргыардан, кыһынын мэлдьи тоҥо сылдьар курдугум. Ийэбин дэлэҕэ Буоста Муоча диэхтэрэ дуо, эписсээлинэ анамматар да, олохтоох буоста начаалынньыга этэ. Бэчээттээҕэ, сургуустааҕа. Сарсыардаттан оһох билиитэтигэр сургуус уулларыллара, хабаххай сыта дьиэбит иһин тунуйан кэбиһэрэ. Заказной эҥин дэнэр бакыаттаах, эриллибит, быанан бааллыбыт туох эрэ докумуоннар, суруктар, тимир кылдьыылаах бириһиэн мөһөөччүктэр сургуустанан бэчээттэнэллэрэ. Кэлин өйдөөбүтүм, ийэм барахсан, буостанан кэлэр араас суума харчыны (переводу) түҥэтэр, ыытар, докумуоннары утаарар, бэл, кырдьаҕастарга биэнсийэлэрин түҥэтэр эбит.
Хаһыакка сурутуу хампаанньатын сылы эргиччи ыытара. “Амбаарынай кинигэ” диэн улахан, халыҥ тэтэрээттэрдээҕэ. Нэһилиэнньэ ортотугар сурутууну ыытарга үөһээттэн булгуччулаах былаан, сыыппара тириэрдиллэрэ. Онтукайын толороору ол тэтэрээттэрин кыбыммытынан ыаллары кэрийэрэ. Дьадаҥы холкуостаахтар эрэйдээхтэр иккилии-үстүү ыйынан, сорохтор оннооҕор иэс диэн оройуон хаһыатыгар, “Кыымҥа” хайаан да суруйтарыахтаахтара. Кыахтаах салалта, учууталлар, олохтоох интэлигиэнсийэ сыл аҥаарыгар, сылга суруталлара. Оччоттон баччаҕа диэри сүрдээх эппиэттээх хампаанньаны мэлдьи ситиһиилээхтик ыытан, хаһан эмит Элиэнньин, Ыстаалын төбөлөрдөөх кыраамата сыыһын ыллаҕына, астынара, үөрээхтиирэ. Кэлин түөскэ иилиллэр “Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. “Ыстаалын төбөлөөх”, “Үлэ бэтэрээнэ”, оҕуруот аһын үүннэриигэ үрдүк ситиһиилэрин иһин наҕараадаламмыт ВДНХ боруонса мэтээллэрин кытта бырааһынньыктарга түөһүгэр анньынара.
Саамай үлэлээҕэ, типография сытынан: сибиньиэс, кырааска сытынан аҥылыйар, кырааската илиигэр, тарбахтаргар биһиллэр, ньаҕайданар хаһыаттары наардааһын, араартааһын буолара. “Правда”, “Известия”, “Советская Россия”, “Сельская жизнь», “Советский спорт» курдук о.д.а. киин хаһыаттартан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кыым”, “Социалистическая Якутия”, “Эдэр коммунист”, “Молодежь Якутии”, “Бэлэм буол!”, оройуоннааҕы “Холкуос кырдьыга”, кэлин “Ленинскэй знамя” курдук хаһыаттары табаарыспыныын Өлөксөйдүүн, бырааппыныын Куокалыын бэрийэр, сааһылыыр буоларбыт. Эчи, “Огонектан” саҕалаан, “Крокодил”, “Веселые картинки”, “Мурзилка”, “Крестьянка”, “Советский спорт” диэбит курдук сурунаал арааһа элбэҕин! Хаһыат наардыырбыт быыһыгар сурунааллар ойууларын сэргии, кэрэхсии көрөрбүт. Ордук «Крокодилы».
Ийэм ыалларынан суруппут хаһыаттарын, сурунаалларын, кэлбит суруктары холбуу тутан, араспаанньаларын, ааттарын-суолларын суруйан бэлиэтиирэ. Хонтуора, кулууп, балыыһа үлэһиттэрэ, ордук учууталлар көтөх муҥунан хаһыаты, сурунаалы суруттараллара. Оччолорго сатаан да аахпат тойооску буоллаҕым. Ийэм почтальон сууҥкатыгар дэриэбинэ хотугу өртүнээҕи ыаллар хаһыаттарын бэрээдэгинэн уган кэбиһэрэ: Владимировтар, Григорьевтар, Заболоцкайдар, Ильиннэр, Шишигиннэр, Мартыновтар, Гаврильевтар диэбит курдук. Кылаабынайа, укпут бэрээдэгэ ыһыллымыан наада. Ыарахан сууҥканы ыадаччы сүгэн баран, дэриэбинэ хоту өртүгэр кыһыннары-сайыннары хаһыат тарҕатыыта мин үлэм этэ. Кыһынын тымныыга ыал аанын кыайан аспакка, моһуок буолара. Тоҥсуйа-тоҥсуйа: “Ааҥҥытын аһыыҥ!” – диэн хаһыытаан, даххаһыйан, боруоктарын нэһиилэ атыллаан киирэрим. Хаһыаттарын илиилэригэр туттарарым. Сорох дьээбэлээх дьон: “Ыл эрэ, Баанньаа, өссө аҕал. Иһим дэлби ыарыйда, обуорунайга мээһэбин соттуом этэ”, – диэн куттаан, ыгылытан: “Сатаммат, ыаллар киэннэрэ!” – диэн куота охсор аакка барарым. Ардыгар ыаллар ийэлэрэ үтүлүктэрбин устаннар ытыстарбын оһоххо сыһыараллара, тарбахтарбын имитэллэрэ. Саал былааппын көннөрөллөрө. Дэриэбинэ уһугар лааппы бырадабыаһа Кириллин Дьуоналаахха кэллэхпинэ, кэргэнэ Өкүлүүн сыгынньахтаан, саахардаах сылаас чээй иһэрдэн, бирээнньик сиэтэн ыытара. Дьиэлэрэ сылааһын, ырааһын, ороннорго хаар маҥан сыттыктара куруһуба сабыылаахтарын, түннүктэрин түүлүгэр кыракый, хаһан да көрбөтөх өҥнөөх-дьүһүннээх чыычаахтар ыйаастан туралларын дьиктиргии, ымсыыра көрөрүм. Дьуона, сэрии бэтэрээнэ Кириллин Ион Михайлович, миигин наар хаадьылыыр буолара. Сайынын, хотуурун, кыстыгын, мөһөөччүктээх өйүөтүн сүгэйдээн ходуһатыгар оттуу киирэн иһэн, тэлгэһэбэр сылдьарбын көрдөҕүнэ эһэм хос аатынан: “Күттүүк, Күттүүк!” – диэн иһиирэ-иһиирэ ааһара. Онуоха өһүргэнэн: ”Дьуон Дьаҥылы, Дьуон Дьаҥылы!” – диэн үөхсэ, хардарса хааларым.
Оччолорго дьон буостанан араас баһыылка бөҕөнү сакаастыыра, ыытара даҕаны. Дьахталлар, кыргыттар таҥас-сап, наадалаах тэрил, иһит-хомуос, одьукулуон-духуу сакаастыыллара. Эр дьон матассыыкыл араас саппаас чааһын, көлүөһэ-хаамыра, бэл, бүтүн мотуору кытта сакаастаан ылаллара. Саа-сэп көҥүл баһыылканан кэлэрэ. Биһиги, табаарыспынаан Өлөксөйдүүн, оскуоланы бүтэрбит сылбытыгар бадахтаах, Тулатааҕы собуокка 12-лээх туруору уостаах, устуучунай ТОЗ-34 сааҕа сакаас ыыппыппыт. Ый курдугунан Өлөксөйгө ойуу-дьарҕаа бөҕө, уонахтаах кумааҕынан сууламмыт курутуой саа тиийэн кэлбитэ. Сөҕүү-махтайыы, астыныы бөҕө буолбуппут. Аҕыйах хонугунан миэхэ собуот 7-с нүөмэрдээх упаковщига “бакаа, онуоха-маныаха диэри сакаастаабыт сааҥ баазаҕа аҕалылла илик. Баһаалыста, хаттаан сакаастаа”, диэн хомолтолоох эппиэт кэлбитэ. Онон, дьиэбит иһэ тобус-толору, ыскылаат курдук буолара.
Кыһыннары-сайыннары буоста таһар соҕотох УАЗ массыынаны кэтэһэн, наадаларыгар айаннаары гыммыт дьон хара сарсыардаттан дьиэбитигэр лыык курдук симиллэллэрэ. Кыһынын сорохтор, Ньикииппэрэп Сэмэн – Ардьака Сиэнньэ, Тороппуумап Бүөтүр – Бүөтээк, Сүөдэрэп Хабырыыл – Бообо, сылгыһыт Мартыын Куоста курдук бөдөҥ-садаҥ дьон тулууптарын да устубакка, барар-кэлэр сири бүөлээн, муостаҕа олорунан, сытынан да кэбиһэллэрэ. Атыттар остуолу тула олорон итии чээй иһэн бурулаталлара. Кэпсээн-ипсээн, айдаан-күйгүөр бөҕө буолара. Суоппар Контавар Сыроватскай кылгас барааҥка сонун таһынан ыт буутун саҕа нагаан бэстилиэтин иилиммитинэн, кууллаах буостатын соһуспутунан, сиэрэй хаатыҥкаларын үрдүгэр кулахачыс гынан киирэн кэлээтин, кэтэһэн олорооччулар суоппардарын түҥнэри көтөн үрдүттэн тэпсэн ааһа сыһан, ыксалынан таһырдьаны былдьаһан субуллан тахсаллара. Дьиэбит иһэ биирдэ кураанахсыйа, иһийэ түһэрэ. Арай Контавар көлөттөн хаалан, нэһиилэ туран: “Итинник буоллаххытына, эһигини олордон бэрт!” – диэн аймана хаалара. Билигин санаатахха, олох аптабаксаал курдук эбит. Сарсыардааҥҥы аһылыкпытын сүгүн да аһаппат этилэр.
Убай киһибин Контавары көрүстэхпинэ, кэлин, Лоомтукаҕа уу баһар “Вода” массыынаҕа үлэлии сылдьан түбэспит, киһи күлүөх да, ытыах да түбэлтэтин санаан кэлээччибин. Сэбиэскэй кэмҥэ дэриэбинэлэргэ, бөһүөлэктэргэ ханна да ырааппат “Вода” массыына дьыл хайа да кэмигэр, күнүһүн, түүнүн буоллун, араас ыксаллаах быһыыга-майгыга, суһал наадаҕа, сорудахха, дьон да көрдөһүүтүнэн “такси”, “скорай” да оруолун толороро. Биир оннук ыксаллаах түбэлтэҕэ Лоомтука буостатын начаалынньыгын оройуон киинигэр Майаҕа киллэрэн иһэн, халтарыйан боллоххо сааллан, түҥнэри эргийэн көлүөһэлэрэ салгыҥҥа адаарыйан таҥнастан хаалбыт. “Хантабаарыҥ, маладьыаһыҥ, атахтарын өрө тэбэн хантайан да сыттар, массыынатын ускуораһын араараары Буоста Маайа ахтатын икки ардынан ырычаагын көрдөөн харбыалаһа сытар эбит!” – диэн кырдьаҕас суоппардар Атлааһаптаах, Аргуновтаах, Карповтаах бэһиэлэйдээн-тиэхэлэнэн күлсэн “ быара суох бараллара”. Ааспытын кэннэ, кырдьаҕастар төһө да суустааталлар, тустаахха ол түгэҥҥэ хайдаҕын суоппар Контавар бэйэтэ эрэ билэн эрээхтээтэҕэ…
1957 сыллаахха оскуолаҕа киирэн ааҕар-суруйар буолуохпуттан, ийэбэр көмөлөһөн тарҕатар ыалларым хаһыаттарын сурутуу сурунаалыттан көрөн, кэлин өйбөр хатаан бэйэм наардаан, аадырыстаан тириэрдэр буолбутум.
Оччотооҕу кэмҥэ тыа сирин боростуой отчут-масчыт дьонугар сэрии кэнниттэн айгыраабыт олоҕу өрө тардарга, холкуостары, сопхуостары тэрийэргэ, тыа хаһаайыстыбатын ыарахан үлэтин тиэхиньикэ, электроэньиэргийэ күүһүнэн чэпчэтэргэ, сүөһү, сылгы иитиитин, бу салаалартан ылыллар бородууксуйаны улаатыннарыыга, сири оҥорууга бастыҥ ньымалары олохтуурга, үөрэххэ, култуураҕа тардыһыыга, ыраас, чэбдик олоҕу тутуһууга туһуламмыт хомуньуус баартыйа, сэбиэскэй бырабыыталыстыба ыытар бэлиитикэлэрин киэҥ маассаҕа тириэрдиигэ бэчээт, хаһыат оруола сөҕүмэр улахан, күүстээх дьайымтыалаах этэ. Оччолорго, 3-4-с кылаас үөрэнээччитэ бу туһунан улаханнык оройдоппот да этим. Кэлин, үрдүкү кылаастарга үөрэнэ сылдьан өйдөөбүтүм. В.И.Ленин эппитин курдук, сэбиэскэй бэчээт, хаһыат агитатор, пропагандист, тэрийээччи буоларын. 80-с сылларга идэтийбит хаһыатчыт буолан, “Кыым” хаһыакка үлэлии сылдьан норуоту түмээччи, көҕүлээччи, сирдээччи буоларын өйбүнэн-санаабынан, эппинэн-хааммынан билбитим.
10-чалаах почтальон эрдэхпинэ хаһыаты сурутуу эбээһинэс быһыытынан сүктэриллэрин син өйдөөбүтүм. Өскөтүн эн пиэнньэр буоллаххына, “Бэлэм буолга” хайаан да сурутуохтааххын. Хомсомуол чилиэнэ “Эдэр хомуньууска”, баартыйалаах киһи “Кыымҥа”, салайааччы, учуутал, билиҥҥинэн бүддьүөт үлэһитэ нууччалыы “Социалистическая Якутия”, киин “Правда”, “Известия”, “Учительская газета”, “Советская культура” курдук хаһыаттарга, “Огонек”, “Крестьянка”, о.д.а. сурунаалларга талбыттарыгар сурутуохтаахтара. Бэл, бэйэм инньэ диэн куолулуур буолбутум.
Сурутуу сыаната, билиҥҥигэ холоотоххо, кэппиэйкэ буолара да, холкуостаахтар харчы диэни көрбөт да кэриэтэ этилэр. 60-с сыллартан, сопхуостар тэриллиэхтэриттэн, тыа дьонун социальнай статустара оробуочай диэн суруллар буолуоҕуттан, кыра хамнас дуомун аахсар буолан барбыттара. Ол кэмнэргэ тыа дьоно хаһыата суох табыллыбат этилэр. Иэс ылса-ылса син биир суруталлара, саҥа, сибиэһэй хаһыат, сурунаал кэллэҕинэ сирэйдиин-харахтыын сырдаан, үөрэллэрэ, астыналлара. Дэриэбинэҕэ сорох учууталлар, култуура үлэһиттэрэ 20-30-ча солкуобайга тиийэ, көтөҕүнэн хаһыаты, сурунаалы сурутан сөхтөрөллөрө. Сөҕүү-махтайыы, хайҕааһын, холобурга тутуу бөҕө буолаллара. Оттон кулууп бибилэтиэкэтигэр, оскуолаҕа, хонтуораҕа биир сырыыга нэһиилэ көтөҕөн илдьэр буоларым.
Дьоннор олохторугар-дьаһахтарыгар бары мунаахсыйар боппуруостарыгар эппиэти, быһаарыыны хаһыаттан булаллара, сирдэтинэллэрэ-дьаһаналлара. Ордук дойду киинигэр Москваҕа хомуньуус баартыйа сийиэһэ, туох эрэ улахан мунньаҕа буоллаҕына, баартыйа Киин Кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Н.С.Хрущев дакылааттаатаҕына, “Кыым”, “СЯ” эбии балаһалардаах, бүтүннүү сурук-бичик буолан халыҥаан, ыйааһыннанан тигинээн кэлэллэрэ. Холкуостаахтар сөҕүү-махтайыы, интэриэһиргээһин, туох дьаһаллар, соруктар туруоруллубуттарын ааҕыы-ырытыы бөҕө буолаллара. Нэһилиэнньэ ортотугар бэлитиичэскэй, экэнэмиичэскэй үөрэхтээһин утумнаахтык ыытыллара. Аҕам Уйбаан Ньукулаайабыс Силиппиэнтэп, Уйбаачаан, партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ этэ. Нэдиэлэҕэ биирдэ хайаан да үөрэх ыытыһара. Онтукайыгар бэлэмнэнэн “Кыым”, “Правда” хаһыаттары, оройуон хаһыатын тэнитэн олорон, кыраһыын лаампатын имик-самык сырдыгар түүн хойукка диэри бэлэмнэнэн суруксуттуурун, бөрүөтэ кыычыргыырын, ачыкытын тааһа килэбэчиҥниирин өйдүүбүн.
Таттаран ааҕаллара
Хаһыат суруйуута кырдьыктаах, дьаһал, сокуон сиилэлээх буолара. Оннук ылыналлара. Оҕо сылдьан аҕаларбытын, аҕамсыйа, сааһыра барбыттары кырдьаҕас оҕонньоттор курдук саныырбыт. Ыкса ыалбыт Быладьыымарап Бүөккэ-Добдур оҕонньор киэһээ аһылыгын кэнниттэн халыҥ таастаах, быалаах төгүрүк ачыкытын кэтэн, быатын кэтэҕэр иилинэн оҥостон олорон саҥа таһааран «Кыымы» ааҕар буолара. Кэргэнэ Гуруунньа иһит хомуйа, остуол сото сылдьан иһиллиирэ. Тугу эрэ сэргээтэҕинэ, биитэр сүөргүлээтэҕинэ бэйэтэ бэйэтигэр ботугураан сэҥээрэрин биллэрэрэ. Сэрии кыттыылааҕа, сахаҕа, нууччаҕа даҕаны куйаабылланан үрдүк уҥуохтаах Киргиэлэйэп Бүөтүр-Боппох оҕонньор аарыгыран, лэҥкэллэн олорон хаһыаттары бэрийэрэ. Ааҕарын быыһыгар сотору-сотору: «Дьаабаллар!» – диэннээх буолара. Элбэх саҥата суох кырдьаҕас сэриигэ да сылдьан стройга саамай инники турарын (правофланговый), «пиэрибэй!» диэтим да бүттэ, диэн күлэн мүчүҥнээн ыла-ыла ахтан ааһар буолара. Оттон хаппыыста үүннэрээччи Саабылыскай Ньукулай-Ньукуучаан, хаһыаттарын сонун сиэбигэр укта сылдьан, быыс булан олоро түстэр эрэ, ааҕар идэлээҕэ. Ыалым, арыый эдэрчилэрэ суоппар Аппанааһыйап Дьөгүөр-Чооруос оройуон хаһыатын актыыбынай уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ этэ. «Кыымы» кумааҕылаах, харандаастаах олорон ааҕара. Сөҕө-махтайа, чыпчырына-чыпчырына бэлиэтэнэр буолара. Ити эҥэрдэспит, чугас ыалларбын аҕынным. Кэпсээнтэн кэпсээн:
I Тыыллымаҕа, Лоомтукаҕа, үөрэҕэ суох, олоҥхоһут, оһохчут, уус бөҕө оҕонньор “Кыым” хаһыаты таҥнары тутан олорон: “Дьэ, суруйар да буолаллар эбит!” – дии-дии “ааҕарын” иһин, Сымыйаччы Никииппэр диэн хос ааттаабыттара эмиэ баар.
Уопсайынан, дьон-сэргэ хаһыакка итэҕэйэр, бэчээт оруолун үрдүктүк тутар, суолталыыр этилэр. 60-с сылларга биһиги, оҕуруотчут оҕолор, сайыҥҥы куйааска хаһыатынан бэргэһэ оҥостон, саһаран хаалыар диэри кэтэр буоларбыт. Биирдэ биригэдьиирбит Миитээ – Дмитрий Афанасьевич Сивцев үлэһиттэри барыбытын мунньуталаан олорон: «Сарсын дьоппуон омуктар кэлэннэр киинэҕэ устар буолбуттар. Нохолоор, дьэ сэрэниҥ, аны хаһыат бэргэһэлээх кэлээйэҕит. Сэбиэскэйдэр хаһыаттарын аахпакка, бэргэһэ оҥостоллор эбит, диэн киинэҕэ устан аан дойдуга көрдөрүөхтэрэ», – диэн кытаанахтык сэрэппитин олох умнубаппын.
Мин итинник 4-с кылааһы бүтэриэхпэр диэри почтальоннаабытым. Салгыы Лоомтукаҕа, Тыыллыма аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ бараммын, кыһынын ийэбэр көмөлөһөн буоста тарҕатан уурайбытым. 60-70-с сыллартан олохпут таһыма биллэрдик тупсан, сайдан Ороссолуодаҕа 8 кылаастаах оскуола аһыллыбыта. Биһиги, уйбаачааннар, дьиэбит салҕанан, кэҥээн буостаҕа дьон-сэргэ киирэ-тахса сылдьарыгар ама буолбута. Улахан кылаастар үөрэнээччилэрэ мэлдьи таарыйан араас каталогтары, сурунааллары көрөллөрө, таарычча бэйэлэрин, чугас ыалларын хаһыаттарын ылан тириэрдэр, тарҕатар этилэр. Онон Буоста Муоча үүттээх чээйин испит көмөлөһөөччүлэрэ элбээбиттэрэ. «Оҕолорум сыыстара, абырыыллар», – диир буолара ийэм.
Иван Ксенофонтов-Силиги.
(Салгыыта бэчээттэниэ).
Хаартыска RTVI
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…