Салгыы
Хаһыатчыттар эдьиийдээтэр эдьиийбит

Хаһыатчыттар эдьиийдээтэр эдьиийбит

12.03.2023, 18:00
Денис Попов хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Саха суруналыыс­тыкатыгар олоҕун устата айымньылаахтык үлэлээн, сотуллубат-­суоруллубат суол­ланан-иистэнэн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор аҕа көлүөнэ суруналыыс, хаһыатчыт эдьиийбит, Томпо оро­йуонун “Кыһыл Знамя” хаһыатын, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттар ытык-мааны бэтэрээннэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэчээтин туйгуна, РФ Суруналыыстарын сойууһун “Биир идэлээхтэр түмсүүлэрин иннигэр үтүөлэрин иһин” наҕараадатын хаһаайына, СӨ Суруналыыстарын сойууһун “Суруналыыстыкаҕа кылаатын иһин” бириэмийэтин лауреата Тамара Васильевна Корякина туһунан кылгастык да буоллар, кэпсии түһэрбит тоҕоостоох.

Уодаһыннаах 90-c сылларга

Үйэлэр алтыһар, олорон кэлбит олохпут отуора алдьанар 90-с сыллар саҥаларыгар аһаҕастык, көҥүллүк этии­тыыныы, демократия, суверенитет диэн өйдөбүллэринэн эппэҥниир, өрүтэ түллэҥ­ниир аныгы кэм балкыыр­даах, бааллырар далайыгар саҥалыы тыыннаах, көрүүлээх, ис хоһоонноох айар үлэ үөһүгэр төбөбүт оройунан түспүппүт. Саҥа уопсастыба, судаарыстыбаннай тутул үрдүкү салалтата – бэрэсидьиэн былааһа төрүттээбит “Саха сирэ”, “Советы Якутии” хаһыаттар айар үлэһиттэрэ буолбуппут.

Тамара Васильевна, ааспыт да олоххо үрдүкү былааһы, салалтаны, уопсастыба лиидэрдэрин, интэли­гиэнсийэ бэ­­рэстэбиитэллэрин, дьону-норуоту кытта үлэлии үөрү­йэх, дириҥ хорутуулаах ырытааччы, публицист хаһыатчыт буолан, холбоһук­таах эрэдээксийэ бэлиитикэ отделын эрэдээктэринэн анаммыта. Бэлиитикэ боппуруостарыгар суруллар матырыйааллар мэлдьи уопсас­тыба, ааҕааччы киэҥ араҥатын болҕомтотун тардаллар, тустаах көрүүнү, уопсай санаа­ны, түмүктээһиннэри үөскэтэр күүстээх дьа­йыылаахтар. Ол да иһин бу отдел сүрдээх түбүктээх, ноҕуруускалаах уонна улахан эппиэтинэстээх. Дойду, өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэннэрин, салайааччыларын таһымнарыттан саҕалаан, биллэр бэлиитиктэри, уопсастыбаннай диэйэтэллэри, араас исписэлиистэри, боростуой үлэ дьонун кытта биир таһымҥа кэпсэтэр, быһаарсар кыахтаах, билиилээх-көрүүлээх, эргиччи сайдыылаах буолуохтааххын. Дэлэҕэ, Тамара Васильевнаны алтыһар учуонайдара, наука дуоктардара “наука хандьыдаата таһымнааххын” диэн үрдүктүк сыаналыахтара дуо.

Арассыыйа судаарыс­тыбата тэриллиитигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ хара баста­кыттан Федеративнай дуогабары түһэрсэн, Федерация тэҥ бырааптаах субъега буолуутун, судаарыстыба быһыытынан Төрүт Сокуонун ырытан ылыныытын, Судаарыстыбаннай суверенитетын туруулаһыытын, бэлитиичэскэй, экэнэмиичэскэй сайдыытын, духуо­бунай барҕарыытын, дойдуга бигэ туруктаах эрэгийиэннэр кэк­кэлэригэр эрэллээхтик киириитин сырдатыыга, дьону-норуо­ту, былааһы ситим­ниир идео­логическай далаһаны бигэтик түһэриигэ бэрэсидьиэн былааһын, бырабыыталыстыба уоргана “Саха сирэ” хаһыат бэ­­лиитикэ отделын, отдел эрэдээктэрэ Тамара Корякина тус кылаата баар диэн астына, киэн тутта этэбит.

Суруналыыс  “күннээх чааһа”

Тамара Васильевна ааспыт үйэ 90-с сыллардааҕы сабыытыйаларын “арҕастарыгар” олорсон, үрүлүйэ-харылыйа үлэлээбит кэмин “күннээх чааһа” 1991 сыл муус устарыгар Москваҕа РСФСР но­­руодунай дьокутааттара РФ бэрэсидьиэнин туһунан сокуону дьүүллэһэр IV сийиэстэригэр тосхойбута. Кириэмилгэ, дойду дьаһалтатын муҥутуур үрдүк таһымыгар быһыыттан-майгыттан көрөн, профессионал-суруналыыс таһыччы хаачыстыбаларын, толлон-саллан туран хаалбакка, тоҕоос­тоох кэмҥэ, түгэҥҥэ анньыһан иһэр харса суох хараахтар­дааҕын, булар-талар, сырдатар булгуруйбат санаалааҕын көрдөрбүтэ.Үрдүкү салайааччылар көмөлөһөөччүлэрин, илии­атах үлэһиттэрин дьигиһийтэлээн, силэйтэлээн салыннарбыта, сөхтөрбүтэ.

Борис Ельцин мунньахтан тахсан сынньанар Царицынскай саалатын иннигэр үс күн “элиэтээбит” кыыһы харабыл КГБ-лар бэлиэтии көрөн: “Манна көҥүлэммэт”, – диэн иннин бүөлүүллэрэ. Сүбэһитэ Галина Старовойтова: “Борис Николаевичка көҥүлэ суох чугаһаан көрөөр эрэ!” — диэн суоһурҕана турдаҕына, Михаил Ефимович илиитинэн имнэнэн, хаһыытаппытынан сиирэ-халты харбатан, утары тахсыбыт Ельциҥҥэ сүүрэн тиийэн, дорооболоһон илии тутуспута.

– Ельциҥҥэ чугаһаат: “Борис Николаевич, здравствуйте, я журналист из Яку­тии!” – диэн долгу­йан хаалан улахан баҕайытык чаҥкынаабыппын кул­гааҕым эрэ истэн хаалла. Киһим соһу­йан тохтуу түстэ, илиитин биэрдэ. Адьас соторутааҕыта Саха сиригэр кэлэ сылдьыбытын туһаннаҕым ол. Тыын быһаҕаһынан тыына-тыына: “Интервью биэриэҥ дуо диэччи буоллум”, – Тамара Васильевна астына ахтар. Сити курдук РФ бэрэсидьиэнигэр хандьы­даат Н.И.Рыжкову утары тиийэн тохтотон, бэйэтин салайааччыларын Михаил Ефимовиһы, Климент Егоровиһы сөхтөрөн, Саха сирин быыбардааччыларын аатыттан кэпсэппитэ. Устунан үгүс суруналыыстар сырсан кэлэн, үмүөрүһэн ыйыталаһан, бэйэтэ пресс-кэмпириэнсийэҕэ кубулуйбута.

Оттон Руслан Хасбу­латовтыын кэбиньиэтигэр иккиэйэҕин олорон, бэрт холкутук кэпсэппиттэрэ. Салгыы, сорсуннаах булчут курдук табыллан, оччолорго дойду биллэр судаарыс­тыбаннай диэйэтэллэриттэн Аман Тулеевтан, Александр Руцкойтан, Доку Завгаевтан, Борис Громовтан ыйытыыларыгар хоруйдары ылаттаабыта.

Сити курдук, Арассыыйа судаарыстыбатын инники дьылҕатыгар быһаарыылаах уларытыылары киллэрэр, олохтуур норуот дьокутааттарын саамай үрдүкү түмсүүлэрин – IV сийиэстэрин үлэтин кыайа тута, дириҥ хорутуулаахтык, чаҕылхайдык сырдаппыта. Ити уопуттаах хаһыатчыт, улахан суруналыыс, төрөөбүт дойдутун патриота айымньылаах үлэтин күннээх чааһа, кылбар ситиһиитэ буолар.

Бэлиитикэ отдела. Дойду, өрөспүүбүлүкэ үрдүкү судаа­рыстыбаннай былаастарын ситэриилээх, бэрэстэбиитэллээх уорганнарын, норуот дьокутааттарын, олохтоох сала­йыныы, муниципальнай былаас үлүскэннээх үлэлэрин, дьон-норуот кыһалҕатын, олоҕун сырдатар, быһаарсар мөккүөрдээх, бүтэн биэрбэт түбүктээх, суһал туттуулаах-хаптыылаах, муҥутуур эппиэтинэстээх үлэлээх оргуйа олорор отдел. Тамара Васильевна күүстээх бэлиитик, профессионал буолан, дьахтардыы муударай, ийэлии иһирэх, биир идэлээх доҕор, чугас киһи быһыытынан отделыгар иллээх ыал курдук эйэ дэмнээхтик, өйдөһөн, өйөһөн, чахчы да айымньылаахтык үлэлиир усулуобуйаны, быһыыны-майгыны тутан олорбута. Бу отделтан буһан-хатан, бэ­­йэлэрэ туспа көрүүлээх, суоллаах-иистээх суруналыыстар, хаһыатчыттар буола үүнэн-сайдан тахсыбыттар элбэхтэр. Соҕотох бу отделтан СӨ култууратын икки үтүөлээх үлэһитэ, Суруналыыстыкаҕа судаарыс­тыбаннай бириэмийэ икки лауреата, хас да бэчээт туйгуна үүнэн тахсыбыттара да ону туоһулуур.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: