Саха суруналыыстыкатыгар олоҕун устата айымньылаахтык үлэлээн, сотуллубат-суоруллубат суолланан-иистэнэн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор аҕа көлүөнэ суруналыыс, хаһыатчыт эдьиийбит, Томпо оройуонун “Кыһыл Знамя” хаһыатын, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттар ытык-мааны бэтэрээннэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэчээтин туйгуна, РФ Суруналыыстарын сойууһун “Биир идэлээхтэр түмсүүлэрин иннигэр үтүөлэрин иһин” наҕараадатын хаһаайына, СӨ Суруналыыстарын сойууһун “Суруналыыстыкаҕа кылаатын иһин” бириэмийэтин лауреата Тамара Васильевна Корякина туһунан кылгастык да буоллар, кэпсии түһэрбит тоҕоостоох.
Үйэлэр алтыһар, олорон кэлбит олохпут отуора алдьанар 90-с сыллар саҥаларыгар аһаҕастык, көҥүллүк этиитыыныы, демократия, суверенитет диэн өйдөбүллэринэн эппэҥниир, өрүтэ түллэҥниир аныгы кэм балкыырдаах, бааллырар далайыгар саҥалыы тыыннаах, көрүүлээх, ис хоһоонноох айар үлэ үөһүгэр төбөбүт оройунан түспүппүт. Саҥа уопсастыба, судаарыстыбаннай тутул үрдүкү салалтата – бэрэсидьиэн былааһа төрүттээбит “Саха сирэ”, “Советы Якутии” хаһыаттар айар үлэһиттэрэ буолбуппут.
Тамара Васильевна, ааспыт да олоххо үрдүкү былааһы, салалтаны, уопсастыба лиидэрдэрин, интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэрин, дьону-норуоту кытта үлэлии үөрүйэх, дириҥ хорутуулаах ырытааччы, публицист хаһыатчыт буолан, холбоһуктаах эрэдээксийэ бэлиитикэ отделын эрэдээктэринэн анаммыта. Бэлиитикэ боппуруостарыгар суруллар матырыйааллар мэлдьи уопсастыба, ааҕааччы киэҥ араҥатын болҕомтотун тардаллар, тустаах көрүүнү, уопсай санааны, түмүктээһиннэри үөскэтэр күүстээх дьайыылаахтар. Ол да иһин бу отдел сүрдээх түбүктээх, ноҕуруускалаах уонна улахан эппиэтинэстээх. Дойду, өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэннэрин, салайааччыларын таһымнарыттан саҕалаан, биллэр бэлиитиктэри, уопсастыбаннай диэйэтэллэри, араас исписэлиистэри, боростуой үлэ дьонун кытта биир таһымҥа кэпсэтэр, быһаарсар кыахтаах, билиилээх-көрүүлээх, эргиччи сайдыылаах буолуохтааххын. Дэлэҕэ, Тамара Васильевнаны алтыһар учуонайдара, наука дуоктардара “наука хандьыдаата таһымнааххын” диэн үрдүктүк сыаналыахтара дуо.
Арассыыйа судаарыстыбата тэриллиитигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ хара бастакыттан Федеративнай дуогабары түһэрсэн, Федерация тэҥ бырааптаах субъега буолуутун, судаарыстыба быһыытынан Төрүт Сокуонун ырытан ылыныытын, Судаарыстыбаннай суверенитетын туруулаһыытын, бэлитиичэскэй, экэнэмиичэскэй сайдыытын, духуобунай барҕарыытын, дойдуга бигэ туруктаах эрэгийиэннэр кэккэлэригэр эрэллээхтик киириитин сырдатыыга, дьону-норуоту, былааһы ситимниир идеологическай далаһаны бигэтик түһэриигэ бэрэсидьиэн былааһын, бырабыыталыстыба уоргана “Саха сирэ” хаһыат бэлиитикэ отделын, отдел эрэдээктэрэ Тамара Корякина тус кылаата баар диэн астына, киэн тутта этэбит.
Тамара Васильевна ааспыт үйэ 90-с сыллардааҕы сабыытыйаларын “арҕастарыгар” олорсон, үрүлүйэ-харылыйа үлэлээбит кэмин “күннээх чааһа” 1991 сыл муус устарыгар Москваҕа РСФСР норуодунай дьокутааттара РФ бэрэсидьиэнин туһунан сокуону дьүүллэһэр IV сийиэстэригэр тосхойбута. Кириэмилгэ, дойду дьаһалтатын муҥутуур үрдүк таһымыгар быһыыттан-майгыттан көрөн, профессионал-суруналыыс таһыччы хаачыстыбаларын, толлон-саллан туран хаалбакка, тоҕоостоох кэмҥэ, түгэҥҥэ анньыһан иһэр харса суох хараахтардааҕын, булар-талар, сырдатар булгуруйбат санаалааҕын көрдөрбүтэ.Үрдүкү салайааччылар көмөлөһөөччүлэрин, илииатах үлэһиттэрин дьигиһийтэлээн, силэйтэлээн салыннарбыта, сөхтөрбүтэ.
Борис Ельцин мунньахтан тахсан сынньанар Царицынскай саалатын иннигэр үс күн “элиэтээбит” кыыһы харабыл КГБ-лар бэлиэтии көрөн: “Манна көҥүлэммэт”, – диэн иннин бүөлүүллэрэ. Сүбэһитэ Галина Старовойтова: “Борис Николаевичка көҥүлэ суох чугаһаан көрөөр эрэ!” — диэн суоһурҕана турдаҕына, Михаил Ефимович илиитинэн имнэнэн, хаһыытаппытынан сиирэ-халты харбатан, утары тахсыбыт Ельциҥҥэ сүүрэн тиийэн, дорооболоһон илии тутуспута.
– Ельциҥҥэ чугаһаат: “Борис Николаевич, здравствуйте, я журналист из Якутии!” – диэн долгуйан хаалан улахан баҕайытык чаҥкынаабыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Киһим соһуйан тохтуу түстэ, илиитин биэрдэ. Адьас соторутааҕыта Саха сиригэр кэлэ сылдьыбытын туһаннаҕым ол. Тыын быһаҕаһынан тыына-тыына: “Интервью биэриэҥ дуо диэччи буоллум”, – Тамара Васильевна астына ахтар. Сити курдук РФ бэрэсидьиэнигэр хандьыдаат Н.И.Рыжкову утары тиийэн тохтотон, бэйэтин салайааччыларын Михаил Ефимовиһы, Климент Егоровиһы сөхтөрөн, Саха сирин быыбардааччыларын аатыттан кэпсэппитэ. Устунан үгүс суруналыыстар сырсан кэлэн, үмүөрүһэн ыйыталаһан, бэйэтэ пресс-кэмпириэнсийэҕэ кубулуйбута.
Оттон Руслан Хасбулатовтыын кэбиньиэтигэр иккиэйэҕин олорон, бэрт холкутук кэпсэппиттэрэ. Салгыы, сорсуннаах булчут курдук табыллан, оччолорго дойду биллэр судаарыстыбаннай диэйэтэллэриттэн Аман Тулеевтан, Александр Руцкойтан, Доку Завгаевтан, Борис Громовтан ыйытыыларыгар хоруйдары ылаттаабыта.
Сити курдук, Арассыыйа судаарыстыбатын инники дьылҕатыгар быһаарыылаах уларытыылары киллэрэр, олохтуур норуот дьокутааттарын саамай үрдүкү түмсүүлэрин – IV сийиэстэрин үлэтин кыайа тута, дириҥ хорутуулаахтык, чаҕылхайдык сырдаппыта. Ити уопуттаах хаһыатчыт, улахан суруналыыс, төрөөбүт дойдутун патриота айымньылаах үлэтин күннээх чааһа, кылбар ситиһиитэ буолар.
Бэлиитикэ отдела. Дойду, өрөспүүбүлүкэ үрдүкү судаарыстыбаннай былаастарын ситэриилээх, бэрэстэбиитэллээх уорганнарын, норуот дьокутааттарын, олохтоох салайыныы, муниципальнай былаас үлүскэннээх үлэлэрин, дьон-норуот кыһалҕатын, олоҕун сырдатар, быһаарсар мөккүөрдээх, бүтэн биэрбэт түбүктээх, суһал туттуулаах-хаптыылаах, муҥутуур эппиэтинэстээх үлэлээх оргуйа олорор отдел. Тамара Васильевна күүстээх бэлиитик, профессионал буолан, дьахтардыы муударай, ийэлии иһирэх, биир идэлээх доҕор, чугас киһи быһыытынан отделыгар иллээх ыал курдук эйэ дэмнээхтик, өйдөһөн, өйөһөн, чахчы да айымньылаахтык үлэлиир усулуобуйаны, быһыыны-майгыны тутан олорбута. Бу отделтан буһан-хатан, бэйэлэрэ туспа көрүүлээх, суоллаах-иистээх суруналыыстар, хаһыатчыттар буола үүнэн-сайдан тахсыбыттар элбэхтэр. Соҕотох бу отделтан СӨ култууратын икки үтүөлээх үлэһитэ, Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэ икки лауреата, хас да бэчээт туйгуна үүнэн тахсыбыттара да ону туоһулуур.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…