Хайа – Амма бэһис саҥа бренд-бэлиэтэ

Share

Аммаҕа ыытыллыбыт адаптивнай успуорт көрүҥнэрин «Дьулуур» 14-с Спартакиадата үөрүүлээх аһыллыытыгар Амма улууһун бренд буолбут бэлиэлэрин ис хоһоонун арыйан көрдөрдүлэр.

Ол курдук, Амма сардаанатын, дьэдьэнин, бурдугун, ыраас уутун тэҥэ эбии бэһис саҥа бренд-бэлиэ (символ) — Хайа сүрэхтэниитэ буолла.

Амма аатырбыт хайалара – Суруктаах хайа, Өнтө хайата, Короленко хайата, Харчылаах хайа, Харама хайата номоххо киирэн, кэпсэлгэ сылдьаллар. Бу туристар саамай сылдьар сирдэринэн буолаллар. Онон Харама хайатын ис хоһооно уус-уран дьүһүйүү сүрүн көстүүтүнэн буолан, дьон болҕомтотун тардыан тарта. Биир тылынан, Амма бренд-бэлиэлэрэ спартакиаданы ураты тыыннаатылар.

Тэрээһин сиэрин-туомун режиссера – Татьяна Чаранская. Театрализованнай көстүү сценарийын саха аатырбыт бэйиэтэ Саргылаана Гольдерова – Саргы-Куо суруйбут. Кинилэр иккиэн Амматтан төрүттээх буолан, төрөөбүт дойдуларын ис хоһоонун толору, олус истиҥник арыйдылар.

Саргылаана Гольдероваттан-Саргы Куоттан Хайа уобараһа хайдах үөскээбитин ыйыппыппар, маннык хоруйу биэрдэ:

Саргы Куо «харама» диэн тылы кэнниттэн аахтахха, «амарах» диэн тыл тахсар диэн бэлиэтээбитин  бэркэ сэргии иһиттим. Кырдьык да, Амматтан төрүттээх айар куттаах бэйиэт суруйбут сценарийа спартакиада ис хоһоонун — олоххо дьулуур, тулуур амарах санааны кытта ситимнэспитин саҥа бренд быһыытынан көстүбүт Хайа символа толору арыйда.  Бу туһунан төрөөбүт дойдутун тыына киниэхэ хайдах көмөлөспүтүн Саргы Куо бу курдук санаатын үллэһиннэ:

Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо суруйбут сценарийыгар адаптивнай успуорт көрүҥнэрин спартакиадатын Өрөгөй ырыатын аан бастаан толоруу биир бас-көс оруолу  ылла.

«Күүстээх санаа көмүөл мууһа

Олох өрүһүнэн устаҕын,

Күннээх санаа чаҕыл күүһэ

Сүрэх мууһун ууллараҕын.

Өркөн өй күн күүһэ — эн бастаа,

Ыарыы-дьай муҥун киэр кыйдаа

Чэгиэн олох дьолун көмүскээ

Күн дьонун кыайыыга кынаттаа!

— саҥа сүрэхтэммит Амма бэһис брендинэн буолбут хайа бу ырыаҕа сөп  түбэһэн, спартакиада символа буолан, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон өйүгэр-санаатыгар үтүө өйдөбүл буолан хаалыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

16 минут ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

2 часа ago