Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?
«Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?» — диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар дьиэлэригэр ыалдьыттаата. Манна Сунтаар улууһуттан 19 кырдьаҕас олохсуйан олорор.
«Кырдьаҕастар күннэригэр уонна Саҥа дьылга сылга иккитэ Сунтаар делегацията биир дойдулаахтарбытын көрсөр үтүө үгэстээх. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ култуура үлэһиттэрэ кэнсиэр кэһиилээх, улуус дьаһалтата наҕараада тутуурдаах, минньигэс бэлэхтээх кэллилэр.
Анатолий Григорьев улуус сонунун, ньир бааччы олорон эрэ, сиһилии кэпсээтэ, кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ. Үбүлүөйдээх саастарын туолбут дьоммутугар — Афанасьев Станислав Сергеевичка, Львов Павел Николаевичка уонна Иванов Николай Васильевичка эҕэрдэ суруктары туттарда. Ону тэҥэ, 90 сааһын томточчу туолбут, Элгээйиттэн төрүттээх Спиридонова Матрена Никитичнаҕа «Ытык саас» бочуоттаах бэлиэни туттарда. Култуура үлэһиттэрэ Анна Трифонова, Айсен Федоров, Стас Тараяров сахалыы эрчимнээх ырыалары толороннор, үҥкүү-битии, ырыа-тойук оройуттан тутулунна, — диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: