Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?

Share

«Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?» — диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар дьиэлэригэр ыалдьыттаата. Манна Сунтаар улууһуттан 19 кырдьаҕас олохсуйан олорор.

«Кырдьаҕастар күннэригэр уонна Саҥа дьылга сылга иккитэ Сунтаар делегацията биир дойдулаахтарбытын көрсөр үтүө үгэстээх. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ култуура үлэһиттэрэ кэнсиэр кэһиилээх, улуус дьаһалтата наҕараада тутуурдаах, минньигэс бэлэхтээх кэллилэр.

Анатолий Григорьев улуус сонунун, ньир бааччы олорон эрэ, сиһилии кэпсээтэ, кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ. Үбүлүөйдээх саастарын туолбут дьоммутугар — Афанасьев Станислав Сергеевичка, Львов Павел Николаевичка уонна Иванов Николай Васильевичка эҕэрдэ суруктары туттарда. Ону тэҥэ, 90 сааһын томточчу туолбут, Элгээйиттэн төрүттээх Спиридонова Матрена Никитичнаҕа «Ытык саас» бочуоттаах бэлиэни туттарда. Култуура үлэһиттэрэ Анна Трифонова, Айсен Федоров, Стас Тараяров сахалыы эрчимнээх ырыалары толороннор, үҥкүү-битии, ырыа-тойук оройуттан тутулунна, — диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Ааспыт сылга быыһааччылар 1700 киһини быыһаабыттар

Сыл устата Саха сирин быыһааччылара 1700 киһи олоҕун быыһаатылар. Ахсынньы 27 күнүгэр, Быыһааччы күнүгэр, кинилэри…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Якутия» технопарка сылга 300-тэн тахса үлэ миэстэтин таһаарда

Сыл иһигэр «Якутия» технопаркаҕа өссө 324 саҥа үлэ миэстэтэ тахсыбыт. Бу туһунан СӨ Бырабыытыластыбатын бэрэссэдээтэлин…

11 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһугар Анегина Ильина аатынан Айар Дьиэ аһылынна

Үөһээ Бүлүү улууһун Хомустаах сэлиэнньэтигэр “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ”  үтүө дьыалалар хамсааһын чэрчитинэн ССРС…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саҥа дьыллааҕы сандалы

Саҥа дьыллааҕы остуол баай, өлгөм астаах буолуута хас биирдии дьиэ кэргэн үтүө үгэһэ буолар. Саҥа…

25 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Суутунан нэһилиэк баһылыгыттан кирэдьиит иэһэ ирдэннэ

СӨ Үрдүкү суутун гражданскай дьыалаларыгар кэллиэгийэтэ Усуйаана улууһун суутун быһаарыытын оннунан хаалларда. Ол курдук, «Арктикатааҕы…

55 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 7 этээстэн сууллубут эр киһи өлүгэ булулунна

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 4 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

1 час ago