Хайа Карабаҕа: былдьаһыктаах бырта сыата

Share

Бу саас ыам ыйыгар өр сылларга сэриинэн саба түһүспүт ыаллыы олорор Армения уонна Азербайджан эйэ дуогабарын түһэрсиэх курдук буолбуттара. Армения премьер-миниистирэ былдьаһыкка сылдьыбыт Хайа Карабаҕын сорҕото Азербайджан сирэ-уота буоларын билинэрин туһунан иһитиннэрбитэ. Ол эрээри билигин да Хайа Карабаҕа былдьаһыктаах бырта сыата буолан, сэрии тохтообокко турар.

 Хайа карабаҕын дьылҕата

Хайа Карабаҕын дьылҕата хайдах этэй диэн ыйыттахха, ааспыт үйэ кирбиилэриттэн, Армения уонна Азербайджан Өрөспүүбүлүкэлэрин тэриллиилэрин саҕаттан, Хайа Карабаҕа былдьаһыктаах бырта сыата буолбута. Бу сир 1918-1920 сыллардаахха буол­бут сэрии түмүгэр бастаан Азербайджан, онтон Армения, салгыы төттөрү Азербайджан састаабыгар киирбитэ. 1923 сыллаахха автономнай уобалас быһыытынан тэриллибитэ. Ол эрээри 80-с сыллар бүтүүлэригэр, уобаласка үксүн армяннар олорор буоланнар, олохтоохтор “биһигини Армения састаабыгар киллэриҥ” диэн туруорсаннар, Азербайджаҥҥа улахан айдааны таһаарбыттара. Дойду киин куоратыгар Бакуга тыһыынчанан киһилээх миитиннэр буолуталаабыттара, сорох куораттарга өрө туруу саҕаламмыта. Сэбиэскэй Сойуус эстэрин саҕана манна улахан сэрии буолан, араллаан бөҕө тахсыбыта. Ол түмүгэр Хайа Карабаҕа туспа өрөспүүбүлүкэ буолабын диэн автономиятын олохтообута. Ол эрээри бу дойдуну туспа Өрөспүүбүлүкэ быһыытынан хайалара да билиммэтэҕэ. Азербайджан оккупацияламмыт сир диэн ааттаан, Хайа Карабаҕын өстөөҕүн курдук көрбүтэ. Оттон Армения докумуонунан билиммэтэҕэ эрээри, бу сыллар тухары манна олорор армяннарга куттал суоһаабатын хааччыйа олорбута.

Армения уонна Азербай­джан икки ардыларыгар эйэни олохтооһуҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүлэр араастаан көмөлөһө сатаабыттара. 90-с сыллар­даахха Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин Куттал суох буолуутун сэбиэтэ түөрт төгүл резолюция таһааран турар­даах. Ити сылларга Арассыыйа, Америка Холбоһуктаах Штаттара уонна Франция кыттыһан Минскэйдээҕи бөлөх тэринэн, 1994 сыллаахха икки өттүттэн ытыалаһыыны тохтотоллорун ситиспиттэрэ. Бу түмүгэр автономнай уобалас улахан аҥаара  Армения бас билиитигэр киирбитэ.

2001 сыллаахха икки дойду лиидэрдэрэ эйэ дуогабарын баттаһабыт диэбиттэрэ да, кэлин тиһэҕэр тиийэн икки өттүттэн аккаастаабыттара. 2016 сыллаахха дойдулар икки ардыларыгар эмиэ улахан атааннаһыы тахса сылдьыбыта. 2020 сыллаахха Карабах иккис сэриитэ саҕаламмыта. Бу түмүгэр Карабах улахан аҥаара Азербайджан сиригэр барбыта. Манна Арассыыйа икки дойдулары кытары кэпсэтэн ытыалаһыыны тохтоторго дуогабар баттаныллыбыта. Ол эрээри бүтэһиктээх эйэ дуогабарын күн бүгүҥҥэ диэри икки ыаллыы сытар дойдулар баттаһа иликтэр.

Евразиятааҕы экэниэмикэ пуорумугар

Бу саас ыам ыйыгар Армения премьер-миниис­тирэ Никол Пашинян Хайа Карабаҕын Азербайджаҥҥа барбыт сиригэр олорор армяннарга куттал суох буолуутун хааччыйар буоллахтарына, ити сирдэри Азербайджан сиринэн билинэбин диэн иһитиннэрбитэ. Бу иһитиннэриини Карабах (Арцах) Өрөспүүбүлүкэтин салайааччыта Араик Арутюнян таҥнарыы быһыытынан сыаналаабыта. “Армения уонна Азербайджан сыһыаннаһыытыгар манна олорор норуоттар санаалара хайаатар да учуоттаныллыахтаах, онтон атын туһа суох”, – диэн кини пресс-сулууспатыгар иһитиннэрэн турар. Никол Пашинян итини таһынан ыам ыйыгар Куттал суох буолуутун хааччыйар дуогабартан тахсыан санаталыырын таһыгар таһаарбыта (Сэбиэскэй Сойуус кэнниттэн Армения, Казахстан, Кирги­зия, Арассыыйа, Таджикистан уонна Узбекистан 1992 сыллаахха Дойдуларга куттал суох буолуутун хааччы­йарга дуогабар баттаспыттара). Бу этиини, биллэн турар, дуогабар кыттыы­лаахтара ытыс тыаһынан ылымматахтара чахчы. Сорох эспиэртэр “Армения лиидэрэ уотунан оонньоон эрэр, арҕааҥҥы дойдулар тылларыгар киирэн, туох да үчүгэйи көрүө суоҕа” диэн эрдэттэн сыана быһан эппиттэрэ.

Москваҕа Евразиятааҕы экэниэмикэ пуорумун кэмигэр үс дойду – Армения, Азербайджан уонна Арассыыйа – биир остуол тула олорон Хайа Карабаҕын туһунан сиһилии кэпсэтэн, тирээн турар боппуруостары ырытыспыттара. Бу иннинэ икки дойду лиидэрдэрэ Никол Пашинян уонна Ильхам Алиев Брюссельгэ көрсүспүттэрэ. Оттон Москваҕа, салгыы кэпсэтиини Кишиневка, Анкараҕа ыыппыттара.

Хайа карабаҕар эмиэ уот сэрии

Ол эрээри балаҕан ыйын 19 күнүгэр Азербайджан Хайа Карабаҕар терроризмы утары байыаннай эпэ­рээссийэ ыытабын диэн ити кэпсэтиилэри төрдүттэн ыһан кэбистэ. Азербайджан Хайа Карабаҕыттан Армения ба­­йыаннайдарын таһаарарыгар модьуйбута. Оттон Армения манна мин сэриим суох диэн Азербайджан өттүттэн саба түһүү быһыытынан сыаналаабыта. Биир күннээх ытыалаһыы түмүгэр Хайа Карабаҕар билигин үгүс сиргэ Азербайджан былааҕын ыйаатылар. Олохтоохтор Арменияҕа куотан эрэллэр. Балаҕан ыйын 26 күнүнээҕи туругунан, 28 тыһыынчаттан тахса киһи Арменияҕа кэлбитэ биллэр. Премьер-миниистир Никол Пашинян Армения билигин 40 тыһыынчаттан тахса киһини көрсөргө бэлэм диэн иһитиннэрбитэ. Статистика дааннайынан, 2015 сыллаахха Хайа Карабаҕа 145 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээҕэ. Билигин бу мантан улахан аҥаа­ра Арменияҕа көһөөрү олорор.

Балаҕан ыйын 19 күнүн кэнниттэн Азербайджан дэлэгээссийэтэ Хайа Карабаҕын олохтоохторун кытары иккитэ көрсө сылдьыбыта. Бу кэпсэтиилэргэ олохтоохтор гуманитарнай көмө кэлэригэр туорайдаспаттарыгар көрдөспүттэрэ. Билигин Хайа Карабаҕар Арассыыйа быыһааччылара, быраастара үлэлии сылдьаллар.

Түмүк оннугар

Армения уонна Азербайджан икки ардыгар Арассыыйа туох сыһыаннааҕый диэтэххэ, бииринэн, бу үс дойду устуоруйабыт биир, бары биир судаарыстыба иһигэр олорон эн-мин дэсиһэн кэллэхпит. Иккиһинэн, Арассыыйа Арменияны да, Азербайджаны да кытары тэҥҥэ үлэлэһэ олорор. Үсүһүнэн, хара маҥнайгыттан Арассыыйа бу икки дойдулар эйэ дуогабарын түһэрсэллэригэр былаһаакка быһыытынан буолбута. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу күннэргэ икки дойду лиидэрдэрин кытары эр-биир кэпсэтэ сылдьыбыта. Бу туһунан кини пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Пресс-сэкирэтээр Дмитрий Песков бэлиэтээн эппитинэн, Арассыыйа Арменияны да, Азербайджаны да, Хайа Карабаҕын олохтоохторун да кытары тэҥҥэ кэпсэтиини ыыта олорор. Билигин, саамай сүрүнэ, салгыы хаан тохтубатын, олохтоохторго бастакы көмө тиийиитин хааччыйыахха наада. Онон икки дойдулар эйэ дуогабарын хаһан баттаһаллара, бу күннэргэ буолбут түгэннэринэн сылыктаатахха, өссө да биллибэт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

6 часов ago