Хайахсыкка байыаннай-патриотическай үөрэхтээһин ыытыллар

Share

Олунньу 15-18 күннэригэр эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы оҕо байыаннай-патриотическай хамсааһынын кыттыылаахтара Чурапчы улууһугар А.П.Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатыгар мустаннар, байыаннай-патриотическай бүттүүн үөрэхтээһин бырагырааматынан үөрэниини ааһыахтара.

Бу туһунан кэпсииригэр Чурапчы улууһа МТ улуустааҕы Сэбиэтин дьокутаата Дмитрий Попов үүнэр көлүөнэни Ийэ дойдуну таптыырга, харыстыырга уонна көмүскүүргэ уһуйуу, бэлэмнээһин дойду үрдүнэн күүскэ ыытыллыахтааҕын бэлиэтиир.
— Байыаннай дьайыылар саҕаланыахтарыттан ыла төрөөбүт дойдуну таптааһын, харыстааһын уонна көмүскээһин уопсастыба иннигэр өссө күүскэ, сытыытык турда. Манна ордук ыччаппыт ортотугар бу хайысхаҕа үлэбитин күүһүрдэн биэриэхтээхпит.


Ильмень күөлгэ кыргыһыы буолбута 80 сылыгар аналлаах III Карбышевскай сбордар олунньу 15 күнүгэр биһиги улууска Хайахсыкка ыытыллаллар.  Олунньу 15-18 күннэригэр эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы оҕо байыаннай-патриотическай хамсааһынын кыттыылаахтара манна А.П.Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатыгар кэлэннэр, байыаннай-патриотическай бүттүүн үөрэхтээһин бырагырааматынан үөрэниини ааһыахтара. Оҕолору үөрэтии аныгы байыаннай соруктары толоруу уопуттарын тутаах көрүҥнэрин учуоттаан ыытыллар.
Инструктордар хамаандаларыгар бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, бу бара турар байыаннай дьайыылар кыттыылаахтара, саппааска олорор эпписиэрдэр, учууталлар, РФ ДОСААФ бэрэстэбиитэллэрэ, «Боотур» киин тириэньэрдэрэ уонна «Юные карбышевцы» уопсастыбаннай хамсааһынын Саха сиринээҕи ыстааба үлэлииллэр. Кинилэр соруктара биир – үүнэр көлүөнэни Ийэ дойдуну таптыырга, харыстыырга уонна көмүскүүргэ уһуйуу, бэлэмнээһин. Ол иһин бу сбордар кэмнэригэр оҕолор бырагыраама быһыытынан байыаннай сулууспа төрүттэригэр, тактическай, инженернэй, байыаннай-медицинскэй, разведкаҕа, уоттаах киирсиигэ бэлэмнэниини барыахтара. Ону сэргэ «Якутяне на страже Отечества» диэн армейскай уонна патриотическай ырыалар бэстибээллэригэр, «Вектор патриотизма» дьыалабыай оонньууларга, стендапка уонна «С шуткой в сапогах!» миниатюра туруорууга күрэхтэһиэхтэрэ, «Без права на ошибку!» байыаннай спортивной оонньууларга бэйэлэрин сатабылларын, маастарыстыбаларын көрдөрүөхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago