Салгыы
Хайахсыкка саҥа оскуола-уһуйаан үлэҕэ киирдэ

Хайахсыкка саҥа оскуола-уһуйаан үлэҕэ киирдэ

19.11.2022, 15:27
Бөлөххө киир:

СӨ бастакы ыҥырыылаах Ил Түмэнин бэрэстэбиитэллэрин Палаататын бэрэссэдээтэлэ, СӨ үтүөлээх юриһа Афанасий Илларионов аатын сүгэр  Чурапчы улууһун Хайахсыт орто оскуолата 2021 сылтан уһуйааны кытта бииргэ үлэлиир статустаах оҕо тэрилтэтэ буолбута. Оскуола 1929 сыллаахха төрүттэммит. 1952 сылтан 7 кылаастаах, 1973 сылтан орто оскуола, 2021 сылтан холбоһуктаах оскуола-уһуйаан буолбута. 

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, икки мэндиэмэннээх таас оскуоланы Хайахсыт орто оскуолатын выпускниктара Дмитрий Поисеев уонна Ньургун Климов бэдэрээтчиттээн, икки сыл иһигэр тутан дьэндэттилэр. Оскуолаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ 90 оҕо үөрэнэр, 40 оҕо уһуйааҥҥа сылдьар. Хайасхыт инники кэскилин 70 учуутал үөрэтэр-такайар.

Саҥа дьиэ аһыллыытын кэмигэр ыалдьыттар киинэ лиэнтэтин курдук оскуола-уһуйаан олоҕуттан билсэн ыллыбыт. Ол курдук, 11-с кылаас үөрэнээччитэ Айыстан Говоров «Үрүҥ Уолан» эдэр аармыйа үлэтин билиһиннэрдэ. Алын кылаас оҕолоро олоҥхолоон көрүстүлэр. «Точка роста» кэбиниэттэрэ олох да номнуо научнай-чинчийэр лаборатория буолбуттар. 6-с кылаас үөрэнээччитэ Эдик Монастырев эргэ уонна саҥа оскуола сылааһын чинчийбитин анал аппараатыгар көрдөрөн кэпсээтэ.
Ити курдук, Тыа сирин территорияларын сайыннарыы бырагырааматынан тутуллубут саҥа оскуола-уһуйаан туһунан киһи кэпсиирэ үгүс. Ону сиһилии билиһиннэриэхпит.

Хайахсыттан Елена ПОТОЦКАЯ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: