Салгыы
Туох буолбут кубаный?

Туох буолбут кубаный?

Ааптар:
14.10.2022, 21:21
Бөлөххө киир:

Бүгүн  — Бокуруоп күнэ, онон халлаан тымныйан лаппа хам ылбыт буолуохтаах этэ да, хам ылара ыраах быһыылаах. Үгүс улуустарга ириэрэ турар, сорох оройуоннарга ардыыра иһиллэр.  

Күнтэн-дьылтан тутулуктанан буолуо, Бүлүү улууһун Лөкөчөөнүттэн мааныылаах көтөр куба барахсан арахсыбакка сылдьарын олохтоохтор хаартыскаҕа үйэтитэн социальнай ситиминэн ыыппыттарын дьон-сэргэ сөҕө-махтайа көрдө. Дьиҥэр, куба итии, соҕуруу дойдуга көппүтэ ыраахпыт буолуохтаах этэ да, хаар кыыдамныы турарыттан толлубакка, дэриэбинэттэн ырааппакка сылдьара олус интэриэһинэй.

Ярославскай аатынан мусуой айылҕаҕа отделын  научнай үлэһитэ Владимир Бочкарев: «Куба саамай улахан көтөрүнэн ааҕыллар. Кини хойуу нуолур түүлээх буолан, хайа баҕарар тымныыны тулуйар кыахтаах. Бу көтөрүҥ Японскай, Корейскай арыыларга уонна Кытай арҕаа өттүгэр тиийэн кыстыыр», — диэн быһаарар.

Лөкөчөөн нэһилиэгин баһылыга Анна Доргонова: «Куба этэҥҥэ сылдьар. СӨ Экологияҕа министиэристибэтигэр эппиппит. Докумуонун бэлэмнээбиттэр этэ. Сарсын кэлэн ылыахтаахтар», — диэн иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: