Хаартыска: ааптар.
Ханнык баҕарар орто да, үрдүк даҕаны үөрэххэ туттарсарга тус ситиһии иһин баал эбиллэр. Бу саамай элбээбитэ 10 баалга тэҥнэһэр. Ханнык түгэҥҥэ, кимнээххэ эбиллэрий?
Маннык ситиһиилэр ааҕыллаллар:
— успуорка ситиһиилээхтэр (Олимпиада, Паралимпиада, Сурдлимпиада, аан дойдуга биирдиилээн бастыыр иһин, Европа чөмпүйэнээттэрэ, кубога, о.д.а.);
— ГТО кыһыл, үрүҥ, боруонса бэлиэлээхтэр;
— оскуоланы барыта “биэһинэн” бүтэрбиттэр;
— орто анал үөрэҕи барыта “биэһинэн” бүтэрбиттэр;
— волонтердар хамсааһыннарыгар кыттааччылар;
— олимпиадаларга уонна интеллектуальнай куонкурустарга миэстэлэспиттэр;
— айар куонкурустарга миэстэлэспиттэр;
— научнай-практическай куонкурустарга, кэмпириэнсийэлэргэ миэстэлэспиттэр, уо.д.а. ситиһиилэр.
Маныаха биири өйдүүр суолталаах – тус ситиһии иһин баал үөрэххэ туттарсааччы сайыбылыанньатыгар ыйбыт итиэннэ тус ситиһиитин туһааннаах докумуонунан бигэргэтэр эрэ түгэнигэр баал ааҕыллар. Абитуриент хас да ситиһиилэммитин иһин саамай элбээбитэ 10 баал эбиллэр. Итиэннэ официальнай, үрдүк таһымнаах эрэ тэрээһиннэр ааҕыллаллар.
Чопчу испииһэги уонна хас баал ааҕылларын туттарсар үөрэххит кыһатын саайтыгар киирэн көрүөххүтүн сөп. Холобура, ХИФУ ГТО кыһыл көмүс бэлиэтин иһин 7 баалы, үрүҥ көмүскэ 4 баалы, боруонсаҕа 2 баалы эбэр.
Дьокуускайга уонна 8 улууска - Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Намҥа, Нерюнгригэ, Сунтаарга, Томпоҕо улахан…
Саха тыйаатыра саҥа сезонугар эдэр ыччакка чэпчэтиини олохтоото. Ол курдук устудьуоннар 25% чэпчэтиинэн туһанар буолуохтара.…
Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата быйыл 2843 киһи сонотуоруйга-куруорка барарыгар айаннарын ороскуотун төлөөтө. 2025…
Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн, Саха сиригэр 8,8 тыһыынча киһи тымныйбыта, тумуулаабыта (ОРВИ) бэлиэтэммит. Бу ол…
Билигин кирэдьииттэрин кэмигэр төлөөбөт, ону ааһан биир да харчыны төлөөбөт дьон бааллар. Суут бириистэптэрин Амма…
"Защитники Отечества" пуонда учуотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 198 (байыаннай дьайыы кыттыылааҕа) инбэлиит турар. Сүрүн болҕомто тиэхиньиичэскэй…