Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Өлөчөй нэһилиэгин дьонугар үөрүүлээх түгэн тосхойдо. Хас эмэ сылы быһа кэтэспит гаастарын ситимин социальнай гаастааһын чэрчитинэн “Сахатранснефтегаз” уолаттара тардан, балаҕан ыйын 16 күнүгэр күөх ситимҥэ 100-чэ ыалы холбоон кэбиспиттэрэ.
Өлөчөй нэһилиэгэ Майаттан 60 км ыраах сытар, 260-ча киһи олорор. Алтан орто оскуолатыгар 44 оҕо үөрэнэр, уһуйааҥҥа 13 оҕо сылдьар. Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-оскуола баар, онно 33 оҕо үөрэнэр, балачча элбэх кэлии киһи үлэлиир.
Баччааҥҥа диэри маһы кэрдэн, тиэйэн, ону оттон, кыстыгы туораан олорбут дьоҥҥо, дьэ кырдьык, үөрүүлээх дьыала. Гаас ситимэ Матрена Федоровна Билюкина дьиэтигэр эмиэ киирэн, тохсунньу 1 күнүгэр 94 сааһын туолар ытык кырдьаҕас үөрүүтэ муҥура суох. Кини дьиэтэ социальнай гаастааһыҥҥа хапсан, 150 тыһ. солк. көрүллүбүт. Ол харчынан дьиэ иһинээҕи гаас ситимин тартарбыттар, сүрүн матырыйааллары: турбалары, радиаторы, хочуолу ылбыттар. Онон социальнай гаастааһыҥҥа хапсыбыттара улахан көмө буолбут.
Матрена Федоровна кэргэнэ Роман Поликарповиһы кытта 13 оҕону төрөтөн улаатыннарбыттар. Улахан ыал аҕата үйэтин тухары сылгыһыттаан, төрүөҕүн 100 бырыһыан энчирэппэккэ көрөр-истэр, улаатыннарар үлэһит үтүөтэ киһи этэ. 1969 с. туппут оскуолатыгар билигин да үөрэнэ сылдьаллар. 2016 с. күн сириттэн барбыт. Билюкиннар Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Ытык ыал”, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кыһыл көмүс дьиэ кэргэн” кинигэҕэ киирбит дьоннор. Оҕолор улуустарыгар, Дьокуускайга олороллор, сиэн, хос сиэн элбэх.
“Сэрии сылларыгар ийэбит балтын кытта төгүрүк тулаайах хаалан, Нам Хамаҕаттатыгар баар оҕо дьиэтигэр иитиллэн тыыннаах хаалбыттар, онон махтанан, оҕолоро, сиэннэрэ “Оҕоҕо анаммыт олох” кинигэни таһаартарбыппыт”, – диэн кэпсиир кыыһа, алын кылаастар учууталлара Мария Негнюрова. – Ийэбит билигин биир кыыһын кытта иккиэн олороллор. “Уһун үйэлэнэн, гаас киириитигэр тиийэр күннээх эбиппин, дьиэҕэ биир сылаас температураны тутан турара наһаа үчүгэй” диэн хайгыыр. Оһоҕунан оттунар буолан, тыабытын бүтүннүү кэрдэн бүтэрдибит. Эдэр ыаллар иккилии этээстээх дьиэни туттан баран, маһынан оттунан эрэйи көрөллөр. Көһөн барыы да баар, хата билигин гаас киирэн, төттөрү кэлиэхтэрэ”.
Моорук суолунан бэйэ-бэйэлэриттэн чугас түөрт нэһилиэк олорор. “Табаҕаҕа киирбитэ ыраатта, Моорукка – 5, Бүтэйдээххэ 4 сыллааҕыта гаас киирбитэ. Хата, быйыл биһиэхэ диэри тардан аҕаллылар. Хайдах оһох оттон олорбуппут буолла диибит”, – диэн Мария Романовна “Сахатранснефтегаз” салалтатыгар, үлэһиттэригэр махталын тиэрдэр.
2021 с. “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа социальнай газификация бырайыагын киллэрбитин дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин РФ өйөөн, Федеральнай Мунньахха муус устардааҕы Туһаайыы этиитигэр бу бырайыагы олоххо киллэрэргэ сорудахтаабыта. Бу бырагыраама киириэҕиттэн, 8406 ыалга гаас ситимэ холбонно.
2024 сыллааҕы барыллаан көрүүнэн, социальнай гаастааһын эрэгийиэннээҕи эпэрээтэрэ «Сахатранснефтегаз», Дьокуускайы киллэрэн туран, 11 улууска 1867 дьиэҕэ гааһы киллэриэхтээҕин, 2500-тэн тахса дьиэҕэ киллэрбит.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар 960-ча дьиэ кэргэҥҥэ ас астаналларыгар, дьиэлэрин сылыталларыгар гаас киирбит, оттон Чурапчы улууһугар – 625 ыалга. Олору кытта үс бастыҥ иһигэр 260 ыалга гаас ситимигэр холбообут Горнай улууһа киирбит. Инньэ гынан, былааннарын аһара толорбуттар. Атын улуустарга балаһыанньа эмиэ куһаҕана суох, тоҕо диэтэххэ, бары кэриэтэ Ил Дархан Айсен Николаев салалталаах эрэгийиэннээҕи ыстаап сыл саҕаланыытыгар туруорбут былаанын куоһарбыттар. Холобур, Үөһээ Бүлүү улууһа былаан быһыытынан 26 ыалга гааһы киллэрэрин оннугар 87 ыалы ситимнээх гааһынан хааччыйбыт. Бүлүү улууһугар былаанынан 36 ыалга гаас киириэхтээҕин, 70 ыалга киирбит. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар былаан быһыытынан 187 киллэрии оннугар 246 дьиэ гааһынан хааччыллыбыт. Хаҥалас улууһугар 99 ыалга гааһы киллэрбиттэр, былааҥҥа 61 этэ. Нам улууһугар 55 дьиэ былааннаммытыттан 84 дьиэҕэ киирбит. Ленскэй оройуонугар 59 ыалга киирбит, былааннаммытынан 33 этэ. Жатайга былаан быһыытынан 18 ыалга киириэхтээҕин 15 дьиэҕэ киирбит уонна Кэбээйи улууһугар былааҥҥа 1 дьиэ оннугар 3 ыал гаастаммыт.
“Сахатранснефтегаз” нацио
нальнай ньиэп-гаас хампаанньатын генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников иһитиннэрбитинэн, туһунан категориялаах дьон дьиэтигэр гааһы киллэриигэ ураты болҕомто ууруллубут. Холобур, быйыл дьиэлэригэр гааһы киллэртэриигэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 70-тан тахса дьиэ кэргэннэрэ эрэгийиэннээҕи чэпчэтиинэн туһаммыт. Ону таһынан, кэлим дуогабарынан 170 кыаммат дьиэ кэргэттэр, инбэлииттэр, атын да категорияҕа киирэр дьоннор гааһынан хааччыллыбыттар. Дьэ онон кытаанах усулуобуйаҕа олорор дьон күннээҕи олохторо быдан чэпчээбит.
Алексей Колодезников, социальнай гаастааһын былаанын хаттаан аһара толоруу хампаанньа үлэһиттэрин, бэдэрээтчиттэр, куораттар, улуустар, нэһилиэктэр дьаһалталарын көмөлөрүнэн уонна өрөспүүбүлүкэ салалтата, эрэгийиэннээҕи ыстаап чилиэннэрэ гаас салаатын өйүүллэрин түмүгүттэн тахсар диэн быһаарда.
Ол таһынан, кини иһитиннэрбитинэн, Айсен Николаев өйөбүлүнэн, аан дойдуга биллэр «Газпром» тэрилтэ нөҥүө Саха сиригэр улахан бырагыраама олоххо киирэн олус таһымнаахтых үлэлии турар. Ол курдук, Алдан, Ленскэй, Нерюнгри уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар 2026 сылга диэри 28 нэһилиэккэ гаас ситимэ киириэхтээх. Бу нэһилиэктэргэ гаас ситимэ тиийдэҕинэ, олохтоохтор эмиэ социальнай гаастааһын бырагыраамаҕа кыттар кыахтаныахтара.
Кыра дохуоттаах уонна тустаах категориялаах дьоҥҥо үбүнэн көмө: (кыра дохуоттаах дьоҥҥо, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын огдооболоругар уонна инбэлииттэригэр, “Блокадаламмыт Ленинград олохтооҕо” бэлиэлээх дьоҥҥо, тыыл бэтэрээннэригэр, элбэх оҕолоох ыалларга (дохуоттарын аахсыбакка), эпэкииннэргэ (попечителлэргэ), ол иһигэр 3 уонна онтон элбэх тулаайахтары уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору иитэ ылбыт төрөппүттэргэ, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр (бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ: эр-ойох буоларга регистрацияламмыт кэргэнэ, төрөппүттэр (эпэкииннэр), I группалаах инбэлииттэр уонна инбэлиит оҕолору көрөр-истэр дьон, биир киһиэхэ тиксэр дохуоттара тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 2 төгүл кыра дохуоттаах соҕотох үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр) – 202 тыһ. солк. диэри көрүллэр.
Ахсынньы 20 күнүгэр Жатай бөһүөлэгэр 1 №-дээх орто уопсай үөрэхтээһинин оскуолатын эбии дьиэтин үөрүүлээх сиэрэ-туома…
«1990-с сыллар саҕаланыыларыгар Сунтаар улууһун Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр, Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола олорон ааспыт нэһилиэгэр…
Саха сиригэр 57%-тан тахса онкология ыарыыта эрдэтинэ быһаарыллар. Бу диагностика саҥа ньыматынан ситиһиллэр. Итинник статистиканы…
Ааспыт нэдиэлэҕэ буолбут Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕин муҥутуур кыайыылааҕа, Алдан улууһун…
Бу сарсыарда ахсынньы 21 күнүгэр Ленскэй куорат Пролетарскай уулуссатыгар ресто-кулууп умайда. Барыллаан быһаарыынан, дьиэ иһигэр…
Субуотаҕа, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускайга 1 №- дээх Марха орто уопсай үөрэхтээһинин оскуолатын эбии дьиэтин…