Хайдах олордугут, Капитоновка кырдьаҕастара?

Хайдах олордугут, Капитоновка кырдьаҕастара?

07.10.2023, 11:00
ААПТАР ТҮҺЭРИИЛЭРЭ УОННА СИА, ИНТЭРИНЭЭТ-ДЬИЭ ҮЛЭҺИТТЭРИН ХААРТЫСКАЛАРА.
Бөлөххө киир:

Күһүҥҥү тымныы, саппарах ардахтаах күн Дьокуускайтан 3,5 көс тэйиччи сытар Капитоновкаҕа баар кырдьаҕастар, инбэлииттэр дьиэлэригэр айаннаатым. Мыраан тэллэҕэр, бэрт бүччүм сиргэ дьоҕус чосуобуна, хонтуора,  икки этээстээх уһун дьиэлэр тураллар. Бу икки куорпуска кырдьаҕастар олороллор, эмтэнэллэр. Киэҥ тиэргэҥҥэ спортивнай былаһаакка, тэпилииссэ, сибэкки олордор клумбалар, күүлэйдиир суоллар бааллар. Сайын манна күп-күөх, тыа сиригэр курдук нус-хас быһыылаах. Чугаһынан өрүс боротуоката устар, манна киирэн балыктыыллар.

ААПТАР ТҮҺЭРИИЛЭРЭ УОННА СИА, ИНТЭРИНЭЭТ-ДЬИЭ ҮЛЭҺИТТЭРИН ХААРТЫСКАЛАРА.

В.И. Кононов аатынан Капитоновкатааҕы кырдьа­ҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ 1971 сыллаахха тэриллибитэ. Бу сыл өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан типовой дьиэ тутуллан, үлэҕэ киирбитэ.

Билигин интэринээт-дьиэҕэ 203 киһи (олортон 156 инбэлиит) олорор, 165 үлэһит баар. Манна бэйэлэрин көрүнэр кыахтара суох буолбут, көрүүгэ-истиигэ, эмтэниигэ наадыйар эр дьон 60, дьахталлар 55 саастарыттан уонна 1-кы, 2-с группалаах инбэлиит­тэр киирэн, хосторго иккилии-үстүү буолан олороллор. Сороҕор манна билсэн-көрсөн баран, ыал буолаллар. Ол курдук холбоспут 4 ыал олорор. Марта уонна Тимур Хуснутдиновтар интэринээккэ көрсөн, 25 сыллааҕыта ыал буолбуттара, быйыл үрүҥ көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэрэ.

Бу күннэргэ Кырдьаҕастар дэкээдэлэрин бэлиэтээн, элбэх тэрээһиннэр ыытыллаллар. Шефтэһэр тэрилтэлэр кэлэн, эҕэрдэлээн бараллар. Холобур, Марха оскуолатын, кадетскай оскуола оҕолоро бэйэлэрин илиилэринэн аккырыыкка оҥорон, хас биирдиилэригэр бэлэхтээтилэр. Кадеттар түннүк аннынан устуруойдаан хааман, кырдьаҕастары сэргэхситтилэр.

Уопсайынан, элбэх тэрилтэни кытта сөбүлэһии түһэрсэл­лэр эбит. Онуоха ким да ак­­каастаабат. Холобур, Саха ты­­йаатырын, “Сахафильмы”, тү­­мэллэри кытта дуогабардаспыттарын түмүгэр, кырдьаҕастар босхо киинэ, испэктээк көрөр, экскурсияҕа сылдьар кыахтаннылар. ХИФУ психологияҕа институтун, креа­тивнай индустрия кэллиэһин, технологическай сервис тиэхиньикумун, гериатрия киинин, көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэрин, о.д.а. кытта дуогабардаахтар.

Епархияттан сыһыарыллыбыт Корнелий аҕабыт чосуобунаҕа кэлэн, итэҕэллээхтэри кытта үлэлэһэр.

Олохторун таһыма тупсарын туһугар

Кистэл буолбатах, кырдьаҕастар дьиэлэрэ диэн иһиттэхтэринэ, сорох дьон кыараҕас, кирдээх, куһаҕан сыттаах, киһи кыаммат буолан баран, эрэйи көрөр сирэ диэн санаалаахтар. Суох, бу ойдом турар дьиэ күннэтэ түбүгүрэр, дьарыктанар, толору олоҕунан оргуйан олорор эбит.

Биллэн турар, дыбарыас, саҥа тутуллубут уораҕай буолбатах. Мин көрдөхпүнэ, үстүү миэстэлээх хостор киһи олороругар кыараҕас курдуктар. Хосторго тэлэбиисэрдэр, халадыынньыктар, сиэркилэлэр, чаһылар, о.д.а. бааллар. Үгүстэр ноутбуктарын тутан сыталлар. Ааннарга ким олорорун биллэрэр ааттара, хаартыскалара ыйаммыттар.

Ааптар түһэриитэ

Оттон көрүдүөргэ, холлга сынньанарга дьыбааннар, саахыматтыыр сир, бильярд, теннис остуоллара бааллар. Көрүдүөргэ сибэккилэр, истиэн­дэлэр, хартыыналар ыйаммыттар. Соторутааҕыта Художественнай училищены кытта кэпсэтэннэр, 18 хартыынаны бэлэх биэрбиттэрин, устудьуоннар үлэлэрин сыл аайы биэриэх буолбуттарын үөрэ, махтана ахталлар.

Бастакы этээскэ эмтиир физкультура хоһо, массаас, стоматолог кэбиниэтэ, көмпүүтэр хоһо, фитотерапия хоһо, көрсүһэр хос, аактабай саала, бибилэтиэкэ бааллар. Аактабай саалаҕа сүүрбэччэ киһи мустан, караоке ыллыы олороллоругар киирэ сырыттыбыт.

Ааптар түһэриитэ.

Дириэктэри мэдиссиинэҕэ, социальнай үлэҕэ солбуйааччы Алексей Шестаков батыһыннара сылдьан, кэбиниэттэри көрдөрөр. “Биллэн турар, дьиэ­бит эргэрдэ, – диир кини. – Ол эрээри, кыахпыт баарынан саҥардабыт, тупсарабыт”.

Салгыы баанньыкка, суу­йар-өтүүктүүр кэмбинээккэ илдьэн көрдөрдө. Нэдиэлэ ахсын олохтоохтору барыларын сууннараллар, таҥастарын сууйаллар. Кыанар дьон 20 киһи тэҥинэн киирэр баанньыгар сылдьалларын олус сөбүлүүллэр. Кыамматтары сытыаран, олордон эрэ сууйаллар. Баанньыкка уһуннук үлэлээбит Полина Колосова – олохтоохторго биир саамай ытыктанар киһи.

Манна таҥаһы куурдар, өтүүктүүр улахан аппараат болҕомтону тардар. Кэмбинээт үлэһиттэрэ кырдьаҕастар таҥастара куруук ыраас, өтүүктээх, хос сыта суох буоларын ситиһэллэр.

Күҥҥэ түөртэ-биэстэ аһаталлар. Убаҕас аһы эрэ аһыыр уонна сытар, араас ыарыылаах дьоҥҥо туспа меню оҥоһуллар. Эбиэккэ киирэн аһаан баран, мииннэрэ, торуойдара минньигэс, элбэх эттээх эбит диэн түмүккэ кэллим.

Саҥаны киллэрии

Мин манна кэлэн, кэпсэтэн баран, туох үчүгэйи булан көрдүм?

2020 сылтан саҕалаан анал үлэ ыытан, 22 киһини аймахтарыгар, дьиэлэригэр төнүннэрбиттэр. Психологтар, социальнай үлэһиттэр бу дьон аймахтарын булан, сылы быһа кэпсэтиини ыытан, көрүһүннэрэн, биир тылы булларан, улахан үлэни ыыталлар. Киһи дьылҕата араас. Үксүгэр, кырдьаҕастар эдэр сылдьан, кэргэннэриттэн арахсан баран, оҕолорун көрбөтөх-харайбатах, эбэтэр, иһэн-аһаан сылдьыбыт кэмнээх буолаллар. Ол иһин хомойуу, кыыһырсыы баар буолар. Ону эйэлэһиннэрэн, дьиэ кэргэни бииргэ холбууллара хайҕаллаах дьыала.

Аны туран, 8 киһини тиэхиньикумҥа үөрэттэрэн, идэ ылалларыгар, үлэ булалларыгар көмөлөспүттэр.

Санкт-Петербурдааҕы ин­­бэлиит оҕолор төрөппүттэрин түмэр ассоциация анал бырагырааматынан, икки уолу бэ­­йэлэрин көрүнэллэригэр, астанан аһыылларыгар, сууналларыгар-хомуналларыгар үөрэтэн баран, “Тренировочная квартира” диэҥҥэ көһөрбүттэр.

Блиндаж чүмэчилэрин оҥороллор

Интэринээт-дьиэ олохтоохторун истэригэр волонтердар бааллар. Кинилэр үлэһиттэргэ көмөлөһөллөр. Соторутааҕыта байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан, блиндаж чүмэчилэрин уонна саһыарар сиэккэлэри өрөн, оҥорон ыыппыттара. Оттон үлэһиттэр “Донбасска көмөлөһөр хотугулуу-илиҥҥи пуондаҕа” 550 тыһыынча солкуобайы, “СӨ бастакы бэрэсидьиэнин пуондатыгар” 43 тыһыынча солкуобайы хомуйбуттара.

Хас биирдии үлэһит биир хоско куратор буолар, туох баар боппуруостарын быһаарсар. Бэл, дьиэлэриттэн мал-сал аҕалан биэрэллэр.

Быйыл “Аһаҕас аан күнүн” оҥорбуттар, онно 25 киһи кэлбит. Аймахтарын булан, кэпсэтэн, ыҥырбыттар. Аны сыл аайы биир дойдулаахтар күннэрин тэрийэллэр. Улуус дьаһалталарын кытта кэпсэтэн, биир дойдулаахтара кэһии хомуйан аҕалан, кэнсиэртээн, көрсүһэн, ас тардан, чэйдээн баралларын ситиһэллэр. Киин, илин эҥээр улуустартан сыллата кэлэ тураллар. Олохтоохтор маннык көрсүһүүлэртэн олус үөрэн, дойдуларыгар сылдьыбыт саҕа сананан хаалаллар. Умнан, быраҕан кэбиспэтилэр диэн үөрээхтииллэр. Киһиэхэ кыра да наада эбээт…

ААПТАР ТҮҺЭРИИЛЭРЭ УОННА СИА, ИНТЭРИНЭЭТ-ДЬИЭ ҮЛЭҺИТТЭРИН ХААРТЫСКАЛАРА.

“Биһиэхэ киирбит дьон үйэлэрэ уһуур”

2022 сылтан “Старость в радость” диэн кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ көмөлөһөр аһымал пуонда федеральнай бырайыагын кыттыылаахтара буолаллар. Манна дириэктэр, үлэһиттэр Москваҕа баран, куурустарга үөрэнэн кэлбиттэрэ. Аһымал пуонда дойду үрдүнэн 700 кэриҥэ интэринээт-дьиэлэри түмэр, араас көмөнү оҥорор, сылы эргиччи интэриниэтинэн үөрэтэр. Саха сириттэн бу бырайыакка 4 интэринээт-дьиэ киирбитэ.

– Пуонда үлэһиттэрэ быра­йыагы үчүгэйдик ылыммык­кыт, бэркэ үлэлэтэн эрэҕит диэн сыаналаабыттарынан киэн туттабыт, – диэн кэп­­сиир дириэктэр Иннокентий Коротких. – Сүрүннээн, сытар киһини көрүү-хара­йыы кистэлэҥнэригэр үөрэтэллэр, олох атын көрүүлээхтэр. Дириэктэри бэйэтин хараҕын баайан, кэлээскигэ олордон, ыарыһах миэстэтигэр киллэрэллэр. Атын дириэктэр кинини аһатыахтаах. Бу курдук кыаммат киһини өйдүүргэ, кинини көрүү-харайыы ымпыгар-чымпыгар үөрэтэллэр. Маннык үөрэх кэнниттэн киһи сыһыана уларыйар.

Холобур, сытар киһи илии­тэ-атаҕа хамсаабат буоллаҕына, тириитэ бааһырар (пролежни). Ол буолбатын туһугар, 2 чаас буола-буола, эргитэн биэриэхтээххин. Санитарка кэлэн, хаҥас өттүгэр эргитэн баран, буккуур тахсыбатын курдук, ону хайаан да сурунаалга суруйуохтаах. Онтон икки чааһынан кэлэн, уҥа өттүгэр эргитэр. Маны тутуһар буолан, биһиэхэ сытартан бааһырар киһи суох.

Бу үөрэх түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ сэминээр ыыппыппыт, 70 киһи кэлэн үөрэммитэ.

Устудьуоннар бэлэхтээбит хартыыналара

–Иннокентий Владими­рович, эһиэхэ хайдах дьон үлэлиирий?

– Араас дьон кэлэр. Ол эрээри, сыыйыллан барааччы барар. Ким эрэ үлэтин кыайбат, ким эрэ сиргэнэр, ким эрэ дьону кытта сыһыана табыллыбат. Оттон дьиҥ тулуурдаах, дьону кытта тапсар үлэһиттэр хаалаллар.

Үлэлэрэ наһаа ыарахан, онон сүрүн хаачыстыбалара – тулуур уонна эппиэтинэс диэм этэ. Саҥа үлэлии кэлэр дьоҥҥо этэбин – бу оскуолаттан, уһу­йаантан букатын атын эйгэ. Кырдьаҕастар мөлтөөн иһэллэр, түөһэйэллэр, болҕомтону ирдииллэр. Ону барытын тулуйан, киһилии сыһыаннаһан үлэлиэххэ наада.

Путин “ыам ыйынааҕы ыйаахтарын” кэнниттэн, хамнас хас да бүк үрдээбитэ. Урут үлэһиттэрбит тиийбэт буолаллара. Билигин былдьаһык. Бэл, үрдүк үөрэхтээх дьон санитардыыллар.

Көрүүгэ-истиигэ, үчүгэй аска, эмтэниигэ сытар буолан, манна киирбит дьон үйэлэрэ уһуур. Орто саастара – 68. Саамай уһун үйэлээхпит – тыыл бэтэрээнэ, 94 саастаах Семен Петров.

Куорат балыыһаларын кытта ыкса үлэлэһэбит. Харах балыыһатын быраастара түөртэ кэлэн үлэлээн, эпэрээссийэлээн бардылар. Гериатрия киинигэр сотору-сотору киирэн, эмтэнэн тахсаллар. Дьокуускай Мэдиссиинэҕэ киинин испи­сэлиистэрэ көрөн-истэн, инбэлииккэ тахсар докумуоннарын оҥороллор. Бу улахан дьыала, инбэлииккэ кэмигэр таҕыстахтарына, биэнсийэлэрэ үрдүүр, эбии үп көрүллэр, онон олохторун хаачыстыбата тупсар. Уопсайынан, билигин биһиэ­хэ киирэргэ уһун уочарат баар буолла.

Ааптар түһэриитэ.

– Хамсык эһиэхэ хайдах ааспытай?

– Пандемия элбэххэ үөрэттэ диэххэ сөп. 40-нуу күннээх симиэнэҕэ үлэлээн, сабыллан олорбуппут. Онно ким хайдаҕа-туга биллэр. Кырдьаҕастарбытын кытта бииргэ аһаан, утуйан, суунан сырыттахпыт. Кинилэр олохторун ис-иһиттэн билэҕин. Кэлэктиипкэ да быдан чугаһас­тыбыт. Олохтоохтор бэрээдэккэ үөрэннилэр.

“Ковид” эмискэ ааҥ­наан кэлбитигэр, бырабыыталыстыбабыт Арассыыйаҕа бастакынан интэринээттэри сабыылаах эрэсиимҥэ көһөрөн, эбии төлөбүр оҥорон, тута сөпкө дьаһаммыта. Туох эрэ тиийбэтэҕинэ, суһал ыстаап, министиэристибэ тута быһаарыы ылына охсоллоро. Былаас биһигини истэрин, көмөлөһөрүн билбиппит. Ол да иһин, Саха сирэ кыра сүтүктээх аһарыммыта. Таах олорон биэрбиппит буоллар, мөлтөх доруобуйалаах дьон маассабайдык “барыахтарын” сөп этэ. Тэрээһин үлэтэ элбэҕи бы­­һаарар.

Бу кэнниттэн үлэбитин ырытан көрөбүт. Олохтоохтор, үлэһиттэр ыйытыктарга хоруйдууллар. Ол ону ырытан, науканан сирдэтэн, үлэбитин торумнуубут. Билигин балыыһа курдук буолбакка, социальнай дьиэ курдук хайысхаланыахпыт.

Ааптар түһэриитэ

“Усулуобуйа үчүгэй”

Петр Дьячковскай, 79 саастаах:

– Кэргэним бу интэринээт-дьиэ кулуубугар үлэлээбитэ. Мин манна столярынан, сантехнигынан үлэлээбитим. Уонча сыл­­лааҕыта, кэргэним өлбүтүн кэннэ, киирбитим. Икки оҕолоохпут, кыыһым Сунтаарга кийиит, 3 оҕолоохтор. Уолум куоракка таксыыһынан үлэлиир. Оҕолорбун, сиэннэрбин кытта билсэ олоробун. Улахан эпэрээссийэни ааспытым, сааһырдаҕым, онон манна олорорум үчүгэй.

Манна усулуобуйата, үлэһиттэр сыһыаннара үчүгэй. Көрдөһүүлээх буоллаххына, куораттан булан аҕалаллар. Миэдиктэр доруобуйаҥ туругун ыйыта сылдьаллар, эмп булан биэрэллэр. Кыра маҕаһыын үлэлиир.

Иллэҥ кэммэр өҥнөөх харандааһынан уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Быыстапкалаабытым. Урут хомус оҥорор этим. Үс хомуһум Хомус аан дойдутааҕы түмэлигэр хараллан сыталлар. Хомус Уйбаан оскуолатыгар хомус тардарга үөрэммитим, билигин кэнсиэртэргэ кыттабын. Сороҕор ыллыыбын. Интэринээт-дьиэ олоҕор көхтөөхтүк кытта сатыыбын.

Афанасий Охлопков, 78 саастаах:

– Мин манна олорбутум уонча сыл буолла. Дьиэм суох, ол кыһалҕатыттан олоробун. Манна усулуобуйата үчүгэй, тото-хана аһыыбыт. Биир саамай сөбүлүүр сирим – баанньык. Полина Николаевнаҕа олус махтанабын.

Мин ЛФК хоһугар дьарыктанабын, салайааччыбыт Надежда Васильева олус болҕомтолоох. 4-5 киһи сылы эргиччи, биир да күнү көтүппэккэ сылдьар. Кыһыннары-сайыннары сарсыарда аайы тахсан хаамабын, ойуурга сир астыырбын сөбүлүүбүн.

Бибилэтиэкэрбит уопуттаах үлэһит, тэрээһин бөҕөтүн тэрийэр. Култуура үлэһитэ Лена Монастырева үлэтин үчүгэйдик саҕалаата. Куоракка илдьэн, түмэллэргэ, зоопаркаҕа, киинэҕэ сырытыннарар. Онон кыанар дьон сэргэхтик олоробут.

Киэн туттар үлэһиттэрэ

Ыстаарсай санитарка Людмила Обутова 1971 сылтан үлэлээбитэ. Саха сириттэн аан бастакынан Арассыыйаҕа “Бастыҥ социаль­най үлэһит” аатын ылбыта. Оҕолоро, сиэннэрэ эмиэ интэринээт-дьиэҕэ үлэлииллэр.

Сиэстэрэ Галина Власова быйыл “Үлэ киһитэ” бириэмийэни ылбыта. Кини эмиэ 1971 сылтан үлэлиир.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
9 октября
  • -8°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: