Хаартыска: iStock
Хайдах сытан утуйарыҥ доруобуйаҕар эмиэ улахан суолталаах.
Учуонайдар хайалара ордук буортулааҕын быһаарбыттар, диэн суруйар “Российская газета”.
Исписэлиистэр этэллэринэн, искэр сытан утуйар ордук буортулаах. Манныкка:
Истэригэр сытан утуйар дьон уһугуннахтарына, тоноҕосторун уҥуоҕа, сүнньүлэрэ эбэтэр систэрэ барыта ыалдьар. Ону таһынан, искэр сытан утуйдаххына, ис уорганнарга баттааһын улаатар, ордук тыҥаҕа уонна искэ. Ол иһин ис-үөс аһы буһарыытыгар эрэйи көрсүөн сөп.
Ойоҕоско сытан утуйуу. Ойоҕоско сытан утуйуу арыый да ама, ол гынан баран син биир буортулаах. Тоҕо диэтэххэ: Хаҥас ойоҕоскор сытан утуйар буоллаххына, куртаххар баттааһын улаатар. Уҥа ойоҕоскор – кыркаҕыҥ улаатар. Уһуннук хайа эрэ ойоҕоскор сытан утуйдахха, хаан эргиирэ мөлтөөн илии-атах көһүйүүтүгэр тиэрдэр.
Тыынар уорганнара ыалдьар дьоҥҥо маннык поза буортулаах. Холобур, хабарҕа сымнаҕас эттэрэ тыынар сиргин бүөлүү түһэн, муннуҥ тыаһа өссө күүһүрүөн сөп.
Олорон эрэн утуйуу. Бу эмиэ кутталаах поза. Искэр-үөскэр баттааһын үрдүүр. Хаан бүөлэниитигэр тиэрдиэн сөп. Сүрэх-тымыр ыарыыларыгар тиэрдэр.
Бу ый саҥатыгар Норуоттар икки ардыларынааҕы “Саха сирин бриллианнара” хаар уонна муус оҥоһук бэстибээлигэр араас…
Ааһан эрэр 2025 сыл Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар айылҕа иэдээнэ -- алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну оҥорон,…
Саҥа дьылга эҕэрдэлэһэн буостанан аккырыыкка ыытыһар үтүө үгэс баара. Ол аныгы үйэҕэ уларыйан турар. Ол…
Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр оҕолуун-уруулуун бары туох эмит дьиктини, уратыны, аптааҕы күүтэбит. Чаһы кураана охсорун…
Бэйэлэрин норуоттарыгар үгүс дьоһуннаах айымньылары хаалларбыт суруйааччылар ааҕааччы өйүттэн-санаатыттан сүппэттэр, кинилэр үлэлэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тириэрдиллэн,…
СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ мэдиссиинэ тэрилтэлэрин бырааһынньыктааҕы уонна өрөбүл күннэргэ -- ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу…