Хайыһардар дайдылар (видео)

Share

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ хамаанданан уонна биирдиилээн бастыыр иһин хайыһарга илин-кэлин түһүстүлэр. Күрэхтэһии Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар ананна.

Күрэхтэһиигэ 12 улуус чулуу хайыһардьыттара кэлэн күрэхтэстилэр. Манна сааһыттан тутулуга суох, хайыһары таптааччылар бары кытыннылар. Ол курдук, 66 саастаах Бээдиттэн төрүттээх билигин Дьокуускайга олорор өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр бэтэрээн хайыһардьыт Иннокентий Захарович Бочкарев кыттыыны ылла. Быһааран эттэххэ, кини бииргэ төрөөбүт быраата Андрей Захарович Бочкарев өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ биллэр бэтэрээн спортсмен. Таарыйа аҕыйах тылынан эттэххэ, Бочкаревтар бииргэ төрөөбүттэр уон биирдэр. Ол иһигэр сэттэ уол. Нэһилиэк убаастанар ыала.

Күрэхтэһии Дьокуускайга үс күн буолла. Хамаанданан уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиигэ  эстэпиэтэҕэ 5 км Уус Алдан хайыһардьыттара үһүс миэстэҕэ тахсаннар кубогынан наҕараадаланнылар.

Иннокентий Захарович үһүс миэстэҕэ тиксэн, мэтээл кэттэ, диплом тутта.

Түмүккэ эттэххэ, ханна да сырыттарбыт биһиги кыракый Бээдиттэн төрүттээхпитин умнубаппыт. Дойдубут аатын ааттата сылдьарга дьулуһабыт.

Иван Сивцев — Бээди.

Хаартыскаларга Иннокентий Бочкарев түһэриитэ. Видео И.Бочкарев тиксэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Ленскэйгэ суол саахалыгар икки киһи эчэйдэ

Бэҕэһээ, ыам ыйын 20 күнүгэр, Ленскэй оройуонугар "Умнас" суол 5 км суол саахала буолла. Икки…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр көмүөл мууһа Кэбээйи, Дьааҥы, Орто Халыма оройуоннарыгар көхтөөхтүк устар

Саха сирин сиригэр-уотугар муус барыыта Кэбээйи, Дьааҥы уонна Орто Халыма оройоуннарыгар бэлиэтэнэр. Өлүөнэ эбэҕэ муус…

51 минута ago
  • Быһылаан

Профлиискэ эмсэҕэлээбит понины быыһаатылар

СӨ Бэтэринээрийэҕэ департамена иһитиннэрбитинэн, бу ыйга Мархатааҕы бэтэринээринэй учаастакка сылгылары иитэр киһи сибээскэ тахсан көмөҕө…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Батамайы, Сииттэни, Арҕаһы уонна Сангаары уу ылар куттала баар

Кэбээйилэр халаан уутугар олохтоохтук бэлэмнэнэн олороллор, ол гынан баран, билигин даҕаны Батамайга, Сииттэҕэ, Арҕаска уонна…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

“Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” куонкуруска кыттыҥ

Бүгүн – Ырыа күнэ. “Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥүттэн РФ Дьиэ кэргэн сылыгар уонна Саха сиригэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар ыам ыйын 25 күнүттэн сылдьыахтара

Дьокуускай -- Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар ыам ыйын 25 күнүттэн сылдьан саҕалыахтара. Бу туһунан "Саха…

2 часа ago