Салгыы
Халаан содулуттан хоромньу барыллаан ааҕыынан 240 мөл. солк. сыаналанар

Халаан содулуттан хоромньу барыллаан ааҕыынан 240 мөл. солк. сыаналанар

06.08.2025, 11:30
Хаартыска СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков телеграмм-ханаалыттан
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ардах халаанын түмүгэр оҥоһуллубут уопсай хоромньу, барыллаан ааҕыынан, 240 мөл. солк. сыаналанар. Бу туһунан ТАСС-ка СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбит.

«Эрэгийиэҥҥэ ардахтан тахсыбыт халаан содулунан сибээстээн ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтонон турар, уопсай хоромньу 240 мөл. солкуобайга сыаналанар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата 2025 сылга эрэгийиэҥҥэ халаан содулун туоратыыга кэлим дьаһалы ылынна», — диэн министиэристибэ Уу сыһыаннаһыыларын уонна балыктааһыны бэрээдэктиир департамеҥҥа сигэнэн иһитиннэрдэ.

Ититии сезона саҕаланыан иннинэ эмсэҕэлээбит эбийиэктэри чөлүгэр түһэрэр үлэни түмүктүүргэ сорудахтанна.

От ыйын саҕаланыытыгар өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр улахан ардах өрүстэр ууларын таһыма үрдээһинигэр тиэрдибитэ. Чөлүгэр түһэрэр үлэлэр бара тураллар, от ыйын 19 күнүттэн материальнай уонна харчынан көмөнү ыларга сайабылыанньалары ылыы салҕанар, 1005 киһи төлөбүрдэри ылла.

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын дааннайынан, халаан түмүгэр Өймөкөөн уонна Абый оройуоннарыгар 1,3 тыһ. тахса киһи олорор 382 дьиэ уһаайбата ууга барбыт. 127 олорор дьиэ, Өймөкөөн сэлиэнньэтигэр быраас амбулаториятын дьиэтэ, 14 олох-дьаһах хаһаайыстыбатын эбийиэгэ, эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай суолталаах массыына суолларын 82 учаастага, биэс сибээс эбийиэгэ, Уус-Ньаратааҕы кыраайы үөрэтэр мусуой дьиэтэ уонна Абый оройуонун Майыар орто оскуолатын гарааһа эмсэҕэлээбиттэр.

Бары сонуннар
Салгыы
7 августа
  • 9°C
  • Ощущается: 7°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: