Халаан содулуттан хоромньу барыллаан ааҕыынан 240 мөл. солк. сыаналанар

Share

Саха сиригэр ардах халаанын түмүгэр оҥоһуллубут уопсай хоромньу, барыллаан ааҕыынан, 240 мөл. солк. сыаналанар. Бу туһунан ТАСС-ка СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбит.

«Эрэгийиэҥҥэ ардахтан тахсыбыт халаан содулунан сибээстээн ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтонон турар, уопсай хоромньу 240 мөл. солкуобайга сыаналанар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата 2025 сылга эрэгийиэҥҥэ халаан содулун туоратыыга кэлим дьаһалы ылынна», — диэн министиэристибэ Уу сыһыаннаһыыларын уонна балыктааһыны бэрээдэктиир департамеҥҥа сигэнэн иһитиннэрдэ.

Ититии сезона саҕаланыан иннинэ эмсэҕэлээбит эбийиэктэри чөлүгэр түһэрэр үлэни түмүктүүргэ сорудахтанна.

От ыйын саҕаланыытыгар өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр улахан ардах өрүстэр ууларын таһыма үрдээһинигэр тиэрдибитэ. Чөлүгэр түһэрэр үлэлэр бара тураллар, от ыйын 19 күнүттэн материальнай уонна харчынан көмөнү ыларга сайабылыанньалары ылыы салҕанар, 1005 киһи төлөбүрдэри ылла.

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын дааннайынан, халаан түмүгэр Өймөкөөн уонна Абый оройуоннарыгар 1,3 тыһ. тахса киһи олорор 382 дьиэ уһаайбата ууга барбыт. 127 олорор дьиэ, Өймөкөөн сэлиэнньэтигэр быраас амбулаториятын дьиэтэ, 14 олох-дьаһах хаһаайыстыбатын эбийиэгэ, эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай суолталаах массыына суолларын 82 учаастага, биэс сибээс эбийиэгэ, Уус-Ньаратааҕы кыраайы үөрэтэр мусуой дьиэтэ уонна Абый оройуонун Майыар орто оскуолатын гарааһа эмсэҕэлээбиттэр.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Быыһааччылар түүн ойуурга муммут дьону буллулар

Ахсынньы 8 күнэ үүнэр түүнүгэр быыһааччылар Дьокуускай аттыгар ойуурга муммут дьону буллулар. Бу туһунан Быыһыыр…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эһиил муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэлэри индексациялыахтара

Эһиил муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэлэри уонна судаарыстыбаттан бэриллэр биэнсийэлэри 6,8% үрдэтиэхтэрэ. Бу туһунан…

30 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Биэнсийэлээх дьахтар 1,8 мөл. солк. суумалаах кирэдьииттэн босхолонно

СӨ Дьокуускай куоратын борокуратуурата бэрэбиэркэ ыытан, 68 саастаах куорат олохтооҕо төлөпүөн нөҥүө үлэлиир түөкүннэр албыннарыгар…

60 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Буоста Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарга биэнсийэни уонна социальнай төлөбүрдэри тиэрдии кыраапыгын биллэрдэ

«Почта России» Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар иннилэринэ биэнсийэни уонна социальнай төлөбүрдэри тиэрдии бэрээдэгин туһунан иһитиннэрэр. Ахсынньы…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Cүүмэрдиир пууннар БПЛА подразделениеларыгар сулууспалыырга ыҥыраллар

Саха сиригэр РФ Сэбилэниилээх Күүстэригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа гражданнары сүүмэрдиир үлэ тохтоло суох барар. Бүгүҥҥү…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Жатайга Арассыыйа Дьоруойа Геннадий Трошев кэриэһигэр III турнир ыытылынна

«Жатай» куорат уокуругун 1 №-дээх орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүн көрсө, Арассыыйа…

1 час ago