Салгыы
Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам улууһун олохтоохторо бары төлөбүрдэрин ыллылар

Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам улууһун олохтоохторо бары төлөбүрдэрин ыллылар

Ааптар:
24.07.2024, 17:45
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ  төлөбүрдэр толору оҥоһулуннулар. Бу туһунан Бырабыыталыстыба бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ халаан уутуттан эмсэҕэлээбит улуустар олохтоохторо биир кэмнээх матырыйаалынай көмөнү уонна үп-харчы өттүнэн көмөлөрүн толору ыллылар. 247 мөл. солк. тахса суумаҕа төлөбүрдэр оҥоһулуннулар», — диэн кини бэлиэтээтэ. Садовников сүрүн федеральнай иниспиэктэр Евгений Корневы кытта Нам улууһугар сааскы халаан уутун кэнниттэн аварийнай- чөлүгэр түһэрэр үлэ хаамыытын билистэ. Командировка чэрчитинэн оробуочай бөлөх социальнай эбийиэктэргэ сырыттылар, олорор дьиэлэри уонна гидротехническай тутуулары көрдүлэр.

Бастакы солбуйааччы этэринэн, бүгүн Саха сирин бырабыыталыстыбата ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибит эрэсиимин чэрчитинэн Саха сиригэр туһуламмыт хоромньуну толуйарга федеральнай киини кытта үлэтэ салҕанар.

Кэнники биллибитинэн, Нам, Өлүөхүмэ, Анаабыр уонна Ньурба улуустарыгар хоромньу уопсай суумата 2 млрд солк. кэриҥэ суумаҕа тэҥнэстэ. Ыксаллаах быһыы- майгы эрэсиимэ киллэриллибитинэн, чөлүгэр түһэрэр үлэлэр үксүлэрэ дойду хааһынатын суотугар үбүлэнэр.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэ сааскы халаан содулугар 4 улууһунан 27 нэһилиэнньэлээх пуун  эмсэҕэлээбитэ. Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллыбыт индексация кэнниттэн эмсэҕэлээбиттэргэ биир кэмнээх көмө кээмэйэ 5-тэн 10 тыһыынча солк. диэри, үбүн-харчытын сүтүктээхтэргэ – 10- тан 100 тыһ. солк. диэри (баайын-дуолун чааһынай сүтэрдэҕинэ – 50 тыһ. солк., толору кээмэйинэн – 100 тыһ. солк.) үрдээбитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: