Салгыы
Халаан уутуттан сэрэниэххэ

Халаан уутуттан сэрэниэххэ

Ааптар:
12.04.2023, 19:15
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Быйылгы кыһыммыт уратылардаах буолла. Улаханнык тымныйда, элбэх хаар түстэ, тыалырда, тибии типтэ. Сааспыт хойутаата, билиҥҥэ диэри ириэрэ илик.

Эмискэ уулларан элбэх уу тахсара сабаҕаланар. Онон халаан уутугар бэлэмнээх, сэрэхтээх буолуу ирдэнэр.

Бэҕэһээ, муус устар 11 күнүгэр, Чурапчы улууһун дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар бу боппуруоска аналлаах мунньах буолла. СӨ нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт салайааччытын бастакы солбуйааччы Иннокентий Андросов салайааччылаах анал хамыыһыйа тэрийэн ыытта. Итиннэ МЧС, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, мелиорация, транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын, экология, о.д.а. хайысхалартан салайааччылар, эппиэттээх үлэһиттэр кыттыыны ыллылар. Улуус дьаһалтатыттан, нэһилиэк баһылыктара, халаан уутун аһарыыга сыһыаннаах тэрилтэлэр салайааччылара, хонтуруоллуур органнартан сырыттылар.

Иннокентий Андросов өрөспүүбүлүкэҕэ халаан уутуттан сэрэниигэ ыытыллар үлэлэр тустарынан билиһиннэрдэ. СӨ Айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын Уу сыһыаныгар уонна сырдатар үлэни ыытыыга департаменын салайааччыта Зинаида Васильева, синоптик Тарас Тарасов, Мелиорация управлениетын салайааччытын бастакы солбуйааччы Михаил Лоскин, Чурапчы улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Егор Сивцев иһитиннэрии оҥордулар. Элбэх ыйытыыга хоруйдаатылар.

Чурапчы улууһун нэһилиэктэрин баһылыктара — Болугуртан Руслан Васильев, Чурапчы нэһилиэгиттэн Владимир Сивцев, Одьулуунтан Людмила Ефремова, Соловьевтан Василий Хомподоев бэлэмнэнии үлэлэри тэрийиилэрин билиһиннэрдилэр. Улуус баһылыга Степан Саргыдаев халаантан сэрэхтээх буолууга бэлэмнэнии былааннаахтык барарын эттэ, сорох боппуруостарга өрөспүүбүлүкэ салалтата көмөлөһөрүгэр туруоруста. Хас биирдиибит халаан уутуттан сэрэхтээх буолуоҕун!

Алексей Слепцов,

Чурапчы.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: