“Халааҥҥа түбэспит суордаахтарга көмөлөстүлэр”

Share

От ыйыгар халааҥҥа түбэспит Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгин баһылыга Владимир Стручков өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын Анал этиитин кэнниттэн санаатын үллэһиннэ:

— Быйыл сайын айылҕа иэдээнигэр түбэспит Суордаах нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэ салалтата күүскэ көмөлөстө. Ол иһин Анал этии күнүгэр махталбытын тиэрдэбит. Бастатан туран, эмсэҕэлээбит дьоҥҥо бырапыыскалааах киһиэхэ – 25 000 солк. уонна хас биирдии дьиэҕэ – 100 тыһ. солк. көмө кэлбитэ. Ону барытын үллэрбиппит. Халааҥҥа түбэспит нэһилиэккэ кылгас сайыҥҥа чөлүгэр түһэрэр үлэ соруга турбута. Манна «Арктика суоллара» көмөтүнэн олохтоох ИП Слепцов Михаил Викторович салайан үлэлээбитэ. Икки массыынаны, тыраахтары үлэлэттилэр, атырдьах ыйыгар бүтэрбиттэрэ.  Уулусса өрөмүөнүгэр Тырааныспар министиэристибэтэ 2 мөл тахса үбү-харчыны көрбүтэ. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэбит салалтата халаан буолаатын кытта дьону мунньан, уоскутан, хоромньуларын ааҕан-суоттаан, үөскээбит быһыыны-майгыны көрөн баран, улахан бөртөлүөтүнэн тыраахтар аҕалан биэрбитэ. Ону тэҥэ “Васильев И.В.” ИП ходуһаҕа барар 4 муостаны тутта. Онно үп көрөн олохтоох бүддьүөттэн 450 тыһ солк. үллэрбиппит. Устудьуоннар кэлэн балтараа ый көмөлөстүлэр, олус үлэһит оҕолор кэлэн бардылар.

Инники сорукпут диэн Дулҕалаах үрэх сүнньүн көннөрүү буолар. Онно эбии кэлэр сылга 19,5 мөл солк. көрүллүөхтээх. Ыам ыйыгар үрэх үрдүгэр олорор 8 ыалы көһөрүүгэ харчы көрүллэн, көспүттэрэ. Өссө иккис түһүмэххэ – 11 дьиэни, үһүс түһүмэххэ – 15 дьиэни көһөрөр сорук турар. Маны сэргэ нэһилиэкпитигэр тахсыбыт айылҕа иэдээнин туһунан көмөлөһүҥ диэн хаһыаттарга, араас саайтарга биллэрбиппит. Ол түмүгэр үтүө санаалаах дьон 158000 солк. счекка киллэрдилэр.

Бу үбү кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэҕэ олохтоох дьокутааттар быһаарыыларынан биэриэхпит.  Ан-2 сөмөлүөт биэстэ кэлэн барда. Итинтэн 4-гэр “Якутоптторг” тэрилтэ ас-үөл аҕалан олохтоохтор үөрүү бөҕө. Манан сибээстээн өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев Анал этиитигэр иһитиннэрбитин курдук, халаантан эмсэҕэлээбит сирдэргэ көмө куруук баар буоллун. Нэһилиэнньэ өйөбүлү маннык биллин диэн туран, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махталбын тиэрдэбин.

Хаартыска: В.П.Стручков ыытта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

31 минута ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

45 минут ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

1 час ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

2 часа ago