Халаантан эмсэҕэлээбит 300-тэн тахса киһи көмөнү ылла

Бүгүҥҥү күҥҥэ Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар халаантан эмсэҕэлээбит 315 киһи көмө харчыны ыллылар. Бу туһунан от ыйын 30 күнүгэр брифиҥҥэ СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Иннокентий Коротких иһитиннэрдэ.
Кини эппитинэн, от ыйын 30 күнүгэр халаантан эмсэҕэлээбит дьон барыллаан испииһэгинэн 1387 киһи буолла, ол иһигэр Өймөкөөн улууһугар – 1288, Абый улууһугар – 99 киһи.
Бары эмсэҕэлээбиттэргэ матырыйаалынай көмө оҥоһуллуоҕа.
Судаарыстыбыннай өҥөлөр платформаларын (ПГС) биир кэмнээх матырыйаалынай көмөнү оҥорууга 1456-тан тахса сайабылыанньа, ыксаллаах быһыыттан-майгыттан сүрүн баайын-дуолун сүтэрбитинэн сибээстээн харчынан көмөнү оҥорууга (ФП) – 564 сайабылыанньа киирбит.
Судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорууга саамай уһаабыт болдьоҕо – сайабылыанньа киирбит күнүттэн 11 күн, ол иһигэр 5 күн муниципальнай хамыыһыйалар хоромньу түмүктэрин бэлэмнээһиннэригэр уонна Судаарыстыбыннай өҥөлөр платформаларыгар ыытыыга барар.
Иннокентий Коротких бэлиэтээбитинэн, Үлэ министиэристибэтин лииньийэтинэн Дьокуускай куоракка 2 реабилитационнай киин баазатыгар халаантан эмсэҕэлээбит улуустартан кэлэр доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо аналлаах 20-тэн тахса миэстэ эбии аһыллыбыт. Бүгүҥҥү туругунан, Инбэлииттэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ Өймөкөөн улууһуттан 5 киһи киирбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: