Халаантан эмсэҕэлээбит Дьааҥы оройуонугар  социальнай эбийиэктэр чөлүгэр түстүлэр

Share
Халаантан эмсэҕэлээбит Дьааҥы оройуонун нэһилиэнньэлээх пууннарыгар социальнай эбийиэктэр – оскуолалар, дьыссааттар, биэлсэр-акушер пууннара чөлүгэр түһэрилиннилэр. Бу күннэргэ  тиһэх үлэ Верхоянскай куорат успуорт саалатыгар түмүктэнэр. Бу туһунан Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын мунньаҕар бастакы вице-премьер Дмитрий Садовниковка иһитиннэрдилэр.

Үлэ 163 оҕо үөрэнэр түөрт оскуолатыгар, 119 миэстэлээх биэс дьыссаакка, доруобуйа харыстабылын үс эбийиэгэр — Суордаахха, Дулҕалаахха уонна Бөтөҥкөскө, ону таһынан, Дулҕалаах, Боронук, Адыаччы, Сартаҥ нэһилиэктэригэр норуот айымньытын түөрт дьиэтигэр ыытылынна.

Суордаах сэлиэнньэтин оскуолатын успуорт саалатыгар уонна Бөтөҥкөс сэлиэнньэтин элбэх өҥөнү оҥорор успуорт комплексыгар чөлүгэр түһэрии үлэтэ барда. Верхоянскай куоракка баар успуорт саалатын аҕыйах хонугунан үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Оттон Боронук сэлиэнньэтин халаан кэмигэр саахалланар туруктаах турбут успуорт саалатын тутуу боппуруоһун туспа быһаарыахтара.

Арассыыйа ЫБММ Ми-26 бөртөлүөтүнэн бу эбийиэктэри өрөмүөннээһиҥҥэ 125,717 туонна таһаҕас тиэйилиннэ. Ол курдук, тутуу матырыйаалын, сылытар бүрүөһүннэри уонна да атын таһаҕаһы илдьибиттэрэ.

Туһааннаах матырыйаалга олоҕуран дьааҥылартан чопчуластыбыт. Халааҥҥа бастакынан түбэспит Суордаах сэлиэнньэтин оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Яна Стручкова иһитиннэрбитинэн, халаан кэнниттэн куурдуу үлэтэ ыытыллыбыт. Манна куораттан тиийбит устудьуоннар көмөлөспүттэр. Тутуу матырыйаала, сылытар-бүрүйэр матырыйаал тиийбитин кэнниттэн “Аммосов С.С.”  ИП муостатын оҥорбут. Ол эрээри хочуолунайга хаһыллан оҥоһуллубут, олордуллубут оһох үлэтигэр  сир анныттан тахсар уу уустуктары үөскэтэр эбит. Онон акт толорон ыыппыттар. Оскуола күрүөтэ саҥардыллыбыт.

Олохтоох дьыссаакка эмиэ муостатын уларытыыга үлэ барбыт. Эмиэ “Аммосов С.С” биригээдэтэ үлэлээбит, устудьуоннар көмөлөспүттэр. Халаан кэнниттэн син-биир төһө да куурдубут үрдүнэн муоста аннынааҕы буор сииктээҕэ чахчы, онон кыһын дьиэ тымныйбатар ханнык диэн баҕалаахтар.

Сүнньүнэн ыллахха, өрөмүөн, чөлүгэр түһэрии кыстыкка киириэх иннинэ ыытыллыбыт.

Хаартыскаҕа: Суордаахха  (архыыптан)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

8 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

9 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

10 часов ago