Халаантан эмсэҕэлээбит дьон федеральнай бүддьүөттэн эбии көмөнү ылыахтара

Share

Быйыл ыам ыйыгар Өлүөнэ, Бүлүү уонна Анаабыр өрүстэр халааннарыттан эмсэҕэлээбит Саха сирин олохтоохторугар эбии харчынан көмөнү оҥорорго РФ бырабыыталыстыбатын резервнэй пуондатыттан 102 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай көрүлүннэ.

Төлөбүрдэр федеральнай ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимин чэрчитинэн  оҥоһуллуохтара.

Бу өрөспүүбүлүкэ хас да тыһыынчанан эмсэҕэлээбит олохтоохторо ылбыт төлөбүрдэрин индексациялааһын туһунан этиллэр. Ил Дархан сорудаҕынан 2024 сыл от ыйыгар айылҕа алдьархайыттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо төлөбүр кээмэйэ 1,5 төгүл улаатыннарыллыбыта.

Үп-харчы халаантан эмсэҕэлээбит гражданнарга эбии төлөбүр быһыытынан барыаҕа. Урут оҥоһуллубут биир кэмнээх материальнай көмөҕө көрүллэр эбии төлөбүр 5 тыһ. солк. буолла.  Онтон олоххо наадалаах баайын-дуолун сорҕотун эбэтэр бүтүннүүтүн сүтэрбит дьоҥҥо харчынан көмө эбии төлөбүрэ 25 тыһ. уонна 50 тыһ. солк. буолуоҕа.

Миниистирдэр кэбиниэттэрэ иһитиннэрбитинэн, маны таһынан эрэгийиэн бүддьүөтүн ороскуотун толуйууга Саха сиригэр 200 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай ыытыллыаҕа.

СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 2024 сыл от ыйыгар 3898 гражданин биир кэмнээх матырыйаалынан көмөнү, оттон 3096 киһи олоххо наадалаах баайа-дуола суох хаалбытынан харчынан көмөнү ылбыттар. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүбүт уопсай суума 307,58 мөл. солк. буолбута.

Быйыл өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллыбыт төлөбүрдэр бары индексацияны учуоттаан оҥоһулуннулар. Саҥа суоттааһын быһыытынан, биир кэмнээх көмө сууматын 5-тэн 10 тыһыынчаҕа диэри, баайы-дуолу сүтэриигэ харчынан көмө 10-тан 100 тыһыынчаҕа диэри (сорҕотун сүтэриигэ – 50 тыһ., толору хоромньуга – 100 тыһыынча солкуобай) улаатыннардылар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо көрүүтэ суох сылдьарыттан уонна буруйу оҥороруттан сэрэтэр эрэгийиэннээҕи сокуоҥҥа уларытыылар киирэллэр

Ил Түмэн X пленарнай мунньаҕар “СӨ сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо көрүүтэ суох сылдьарын уонна…

1 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускай үс олохтооҕо ийэ хапытаалын сэртипикээттэрин сокуоннайа суох туһаммыттар

Дьокуускай  куорат үс олохтооҕо ийэ хапытаалын үбүн-харчытын ылыыга түөкүннээһиҥҥэ буруйданаллар. Кинилэри буруйдуур дьыалаларын, СӨ Борокуратууратын…

21 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эн туох диигин: «кыра тыаллаах», «улахан тыаллаах»

Саха тыла баай даҕаны. Ол эрээри, ол сүмэтин ситэ туһаммакка, күннээҕи “кэл-бар” диэн тылга көһөн…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас улууһугар Мохсоҕоллоох-Хачыкаат хайысханан кыһыҥҥы суол аһылынна

Хаҥалас улууһугар сэтинньи 28 күнүттэн Мохсоҕоллоох-Хачыкаат хайысханан кыһыҥҥы суол аһылынна. Бу суолунан үс туоннаҕа диэри уйуктаах…

52 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга эр киһи сокуоннайа суох табаҕы эргиниигэ буруйданна

Дьокуускай куорат борокуратуурата 61 саастаах олохтооҕун холуобунай дьыалатыгар судаарыстыбаннай буруйдааһынын суут өйөөтө. Кини Холуобунай Кодексынан…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сарсын күүстээх магнитнай буурҕа түһэрэ күүтүллэр

Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ, сэтинньи 28 уонна 29 күннэригэр, магнитнай буурҕалар түһүөхтэрэ. Бу туһунан ИКИ Күн…

1 час ago