Салгыы
Халаантан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо 250 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суумалаах көмө оҥоһулунна

Халаантан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо 250 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суумалаах көмө оҥоһулунна

03.07.2024, 20:42
Хаартыска -- СӨ Аҕа баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Сааскы халаантан эмсэҕэлээбит өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар үп-харчы уонна матырыйаалынай көмө быһыытынан 252 мөлүйүөн  солкуобай көмө оҥоһулунна.

 Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников айылҕа иэдээниттэн чөлүгэр түһэрии үлэтин туһунан нэдиэлэ аайы ыытыллар мунньахха иһитиннэрдэ.

“Халаантан эмсэҕэлээбиттэр үп-харчы уонна матырыйаалынай көмө көрүҥүнэн төлөбүрдэри салгыы ылаллар. Бырабыыталыстыба өҥө оҥорор порталыгар 9 тыһыынчаттан тахса сайаапка киирбит, 5600-тэн тахса сайаапка биэрээччигэ уопсайа 252 мөл. солкуобайдаах өйөбүл оҥоһулунна.

Дмитрий Садовников хоромньуну чуолкайдааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэтээҕи биэдэмистибэлэр уонна олохтоох салайыныы уорганнарын өттүттэн үгүс үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээтэ. Кэлиҥҥи чахчынан уопсай хоромньу суумата 2,4 млрд солк. буолла. Социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэктэргэ сметаны оҥоруу түмүктэнэн эрэр. Чөлүгэр түһэрии үлэтин улахан чааһа дойду бүддьүөтүттэн үбүлэниэҕэ. “Өрөспүүбүлүкэтээҕи министиэристибэлэр бу үбүлээһини ылар туһугар билигин федеральнай уорганнары  кытта ыкса үлэлэһэллэр”, — диэн бэлиэтээтэ тустаах салайааччы.

Дмитрий Садовников этэринэн, олорор дьиэлэр испииһэктэрэ салгыы чуолкайдана турар. Эспэртииһэ түмүгүнэн дьиэлэрэ чөлүгэр түһэриллибэт дьоҥҥо саҥа дьиэни туттууга, дьиэлэрин өрөмүөнүгэр наадыйааччыларга үп-харчы көрүллүөҕэ. Улууска халаантан эмсэҕэлээбит киһиэхэ матырыйаалынай көмө 5 тыһыынча солкуобай эбит буоллаҕына, ол көмө харчы 10 тыһыынча солк. диэри улаатта. Баай-дуол сүппүтүнэн сибээстээн үбүнэн көмө – 20 тыһыынчаттан 100 тыһыынча солкуобайга диэри (50 тыһыынча – сорҕотун сүтэриигэ, 100 тыһ. – бүтүннүү сүтүккэ) үрдээтилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: