Халаантан эмсэҕэлээбит дьонтон биирдэ бэриллэр уонна үбүнэн көмөҕө наадыйан 1511 тахса сайабылыанньа киирдэ

Күн бүгүн судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларынан халаантан эмсэҕэлээбиттэртэн 1500-тан тахса сайабылыанньа киирдэ, ол иһигэр 1000-тан тахса сайабылыанньа биир кэмнээх көмөҕө, оттон 410-на — саамай туттуллар баай-дуол сүтүүтүнэн сибээстээн үп-харчы көмөтүгэр наадыйаллар.
Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистир Елена Волкова СӨ Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйатын мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Бүгүн улуустарга олохтоох салайыныы уорганнарын хоромньуну сыаналыыр хамыыһыйаларын састааптара бигэргэтилиннэ, олорор дьиэлэри бэрэбиэркэлиир, хоромньуну ааҕар үлэ салҕанар.
СӨ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан Абый уонна Өймөкөөн улуустарыгар халаан содулун туоратар СӨ бырабыыталыстыбатын хамыыһыйата бигэргэннэ.
Күн бүгүн Өймөкөөн улууһугар өрөспүүбүлүкэ бары сүрүн министиэристибэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ бааллар, эмсэҕэлээбит эбийиэктэргэ, суолларга суһал чөлүгэр түһэрии үлэтэ саҕаланна, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: