Халаантан эмсэҕэлээбит хаһаайыстыбаларга көмө тохтообокко кэлэ турар
Быйыл сааскы халаантан саамай улаханнык эмсэҕэлээбит Нам улууһа буолар. Айылҕа содулуттан иэдээҥҥэ түбэспит улууска Саха сирин дьоно-сэргэтэ тута көмөлөспүтүнэн барбыта.
Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри халаантан эмсэҕэлээбит хаһаайыстыбалаах дьоммутугар өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан көмө тохтообокко кэлэ турар диэн иһитинэрэр Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Ааспыт субуотаҕа Амма улууһун хаһаайыстыбалаах дьоно-сэргэтэ 35 төбө хороҕор муостааҕы (ынах, ыччат сүөһү, ньирэй) Хатырык уонна Маймаҕа нэһилиэктэригэр ыыттылар. Бу сүөһүлэри тиэйэн аҕалыыга Алексей Жирков салайааччылаах «Сахаагроплем» тэрилтэ көмөлөстө.
Нам олохтоохторун аатыттан улуус дьаһалтата, Амма амарах санаалаах дьонугар-сэргэтигэр, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытыгар Ион Кононовка уонна Алексей Жирков салайааччылаах «Сахаагроплем» тэрилтэҕэ барҕа махталын тиэрдэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: