Халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэртэн 100-тэн тахса оҕону киин куоракка сынньата аҕаллылар
Нам улууһун халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэриттэн 100-тэн тахса оҕо «Сосновый бор» кииҥҥэ сынньана кэллэ.
Бүгүн, ыам ыйын 22 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытта сааскы халаан содулун туоратар соруктар тустарынан сүбэ-мунньах ыытарыгар оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ үлэни ыытарга эмиэ сорудахтаабыта.
Оҕо сынньанар “Сосновый бор” киинигэр сааскы халаантан улаханнык эмсэҕэлээбит Хатыҥ Арыы, Модут уонна Хатырык нэһилиэктэриттэн 107 оҕо сынньана кэллэ. Оҕолор манна тото-хана аһыахтара, дуоһуйа сынньаныахтара, доруобуйаларын бөҕөргөтүөхтэрэ.
«Оҕолор сынньалаҥ киинигэр күүс-уох ылан, иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаарыахтара. “Сосновый бор” киин үгүс дьоллоох түгэни бэлэхтииригэр баҕарабын”, — диэн санаатын тиэртэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: