Халаантан эмсэҕэлээбит сэлиэнньэлэргэ уотунан хааччыйыыны түргэнник чөлүгэр түһэриэхтэрэ

Share

Ыам ыйын 20 күнүгэр халааны аһарыы боппуруостарын ЫБМ сэрэтиигэ уонна туоратыыга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ баһаартан куттала суох буолууну хааччыйыыга хамыыһыйатын мунньаҕар дьүүллэстилэр. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Хатырык сэлиэнньэтигэр оробуочай сырытыын кэмигэр түргэнник уотунан уонна гааһынан хааччыйыыны, “Нам” тыраассатын уонна муниципальнай суоллары чөлүгэр түһэрэргэ сорудахтаата.

“Уу эмискэ үрдээбитин түмүгэр Нам улууһун биэс нэһилиэгэ улаханнык эмсэҕэлээтэ. Чөлүгэр түһэрэр үлэлэр хайы-үйэ саҕаланнылар, Хатырыкка диэри суолунан сырыы аһылынна, ол эрээри Маймаҕаҕа уонна Түбэ нэһилиэгэр диэри тыраасса түөрт сиринэн ууга сытар. Уу түстэҕинэ суол оҥорооччулар суһал өрөмүөн үлэтин ыытыахтара”, — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Николаев быһыы-майгы уустук соҕус эрээри, хонтуруолланар диэтэ. Кини иллэрээ түүн уонна бэҕэһээ сарсыарда Аппааны бөдөҥ нэһилиэнньэлээх пуунун ууттан көмүскээбит дьоҥҥо махтанна. Ылыллыбыт миэрэлэр түмүктэригэр сэлиэнньэни уу ылбата.

Айсен Николаев бастакы уочараттаах соругунан эмсэҕэлээбиттэргэ көмөлөһүү буоларын бэлиэтээтэ. Оройуоҥҥа бары суһал дьаһаллар ылылыннылар, эмсэҕэлээбит сэлиэнньэлэр олохтоохторугар быстах олорор пууннар тэрилиннилэр. Эмсэҕэлээбит нэһилиэктэргэ оттук сезона салҕаныаҕа.

Маны сэргэ эрэгийиэн салайааччыта дьон төлөбүрү хойутааһына суох ыларын туһугар хоромньуну суһаллык ааҕалларыгар соруйда.

“Сэлиэнньэлэргэ, ону тэҥэ кэтэх ыалларга уотунан уонна гааһынан хааччыйыыны кылгас болдьоххо чөлүгэр түһэрэргэ, ону тэҥэ “Нам” суолун уонна муниципальнай суоллары. Уон күн устата аграрийдарга көмөнү оҥорууга этиилэри киллэрэргэ, кинилэр көмө суох хаалыа суохтаахтар”, — диэн соругу туруорда Айсен Николаев.

Хоромньуну көрсүбүт урбаанньыттарга эмиэ болҕомто ууруллуоҕа.

Эрэгийиэн баһылыга Саха сирин Тутууга министиэристибэтигэр Нам оройуонугар тутуу матырыйаалын тиэрдиигэ биир чопчу операторы аныырга, үөрэх министиэристибэтигэр – оҕолору сайыҥҥы сынньатыыга, кыраапык быһыытынан ОГЭ уонна БКЭ туттарыы усулуобуйатын тэрийэргэ ыйда. Айсен Николаев сорудаҕынан саамай эмсэҕэлээбит Хатырык, Маймаҕа, Граф биэрэгин, Бөтүҥ уонна Модут сэлиэнньэлэригэр ситэриилээх былаас миниистирдэрин солбуйааччыларын сыһыардылар, кинилэр чөлүгэр түһэрэр үлэни сүрүннүөхтэрэ. Уопсай салайааччынан бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников ананна.

Халаан туругун туһунан мунньахха Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, Өлүөхүмэ оройуонун баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Кузнецов, Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев, Кэбээйи улууһун баһылыгын э.т. Александр Сивцев, Бүлүү улуһуун баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Евсеев, Орто Халыма улууһун баһылыга Иван Лаптев кэпсээтилэр.

2024 сыллааҕы халаан хоромньутун туһунан Саха сирин экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Евгений Перфильев билиһиннэрдэ. Ым ыйын 20 күнүнээҕи туругунан 2720 киһи эмсэҕэлээбит, ол иһигэр Өлүөхүмэҕэ – 502, Ньурбаҕа – 28, Нам  оройуонугар – 2190. Хоромньу уопсай суумата барыллаан ааҕыынан 124 мөл солк. тэҥнэстэ, ол иһигэр бастакы уочарат туттуллар мал-сал – 41 мөл солк. Тырааныспар инфраструктуратыгар уонна тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэригэр Өлүөхүмэ улууһуттан ааҕыы түмүгүнэн хоромньу – 60 мөл солкуобай уонна 7,5 мөл солк.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

14 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

14 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

15 часов ago