Халаантан эмсэҕэлээбиттэр төлөбүрдэри тутан эрэллэр

Share

Быйыл сааскы халаан содулуттан эмсэҕэлээбит дьон харчынан төлөбүрдэри тутан эрэллэр. 

Бэс ыйын 7 күнүнээҕи туругунан, халаан уутуттан  4056 киһи, 1172 эбийиэк (элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр кыбартыыралара), 1010 чааһынай дьиэ эмсэҕэлээбитэ биллэр.

«Госуслуги» порталга ыксаллаах быһыыга-майгыттан эмсэҕэлээбиттэртэн материальнай уонна харчынан көмөнү ылыыга сайабылыанньалары тутуу салҕанар.

Билиҥҥитэ 7304 сайабылыанньа киирбит, ол иһигэр: биирдэ бэриллэр материальнай көмөҕө — 3870, харчынан көмөҕө — 3434 сайабылыанньа.

Бу балары көрөн баран, 2263 сайабылыанньаҕа көмө номнуо оҥоһулунна: биирдэ бэриллэр материальнай көмөҕө — 1254, харчынан көмөҕө — 1009 киһиэхэ. Үлэ салҕанар.

Сайабылыанньалары бэс ыйын 18 күнүгэр диэри туталлар диэн экология, айылҕаны туһаныы, ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago