Халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ төлөбүрдэри сыл бүтүөр диэри ыытыахтара
Саха сирин олохтоохторугар сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ хоромньуларын толуйарга 1 миллиард солкуобайы ыытыахтара.
Төлөбүрдэри сыл бүтүөр диэри ыытыахтара. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Прямой разговор» биэриигэ иһитиннэрдэ. 655 мөлүйүөн солкуобайтан тахса үп-харчы РФ Бырабыыталыстыбатын резервнэй пуондатыттан киириэҕэ, өссө 330 мөлүйүөнтэн тахса үп-харчы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ыытыллыаҕа. Төлөбүрдэр сүтэрбит дьиэлэрин-уоттарын атыылаһыыга эбэтэр туттууга, ону тэҥэ эмсэҕэлээбит олорор дьиэлэри хапытаалынай өрөмүөннэрин ыытыыга барыахтара. «Бүгүн сыл бүтүөр диэри төлөбүрдэри толору ыытарга сорудахтаатым», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Саха сирин Тутуу министиэристибэтин дааннайынан, олорор дьиэни чөлүгэр түһэрэр кыаҕа суоҕунан 94 олорор дьиэ билиниллибитэ, алдьаммыттарынан — 651 дьиэ. Дьиэни чөлүгэр түһэриигэ 292 олорор дьиэ өрөмүөннэммит, салгыы 103 дьиэ өрөмүөнэ ыытыллар. 256 ыал төлөбүрү биэрэллэрин күүтэллэр.Билигин көрүллүбүт үбү-харчыны кылгас болдьоххо тиэрдии үлэтэ бара турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: