Халаантан эмсэҕэлээбиттэртэн 2 тыһ. тахса сайабылыанньа киирдэ

Share

Саха сирин халаантан эмсэҕэлээбит оройуоннарын олохтоохторуттан көмө көрдөөн 2 тыһ. тахса сайабылыанньа киирдэ. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы  Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.

“Бүгүн, Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэ чахчытынан, эмсэҕэлээбит оройуоннартан 2021 сайабылыанньа киирбитэ. Итинтэн биир кэмнээх матырыйаалынай көмөҕө – 1456. Үбүнэн көмөҕө – 564. Биир сайабылыанньа – ЫБМ түмүгэр доруобуйата эмсэҕэлээбит киһиттэн биир кэмнээх босуобуйаҕа. Бу үлэни кэлэр ый бастакы дэкээдэтигэр түмүктүөхтээхпит”, — диэтэ Дмитрий Садовников.

Кини Тутууга министиэристибэ 235 дьиэни чинчийбитин бэлиэтээтэ: 34 – элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ, 201 – кэтэх дьиэлэргэ. Ол түмүгэр 122 дьиэ уонна кыбартыыра хапытаалынай өрөмүөҥҥэ наадыйар. Чуолаан, Абый оройуонугар Кэбэргэнэ сэлиэнньэтигэр 14 кэтэх ыал дьиэтэ.

“Өймөкөөн оройуонугар 5 дьиэҕэ киһи салгыы кыайан олорор кыаҕа суох буолбут. Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сорудаҕынан оттук сезона саҕаланыар диэри бу олохтоохторго олорор дьиэни биэрии боппуруоһа быһаарыллыахтаах”, — диэтэ Дмитрий Садовников. Инфраструктураны чөлүгэр түһэрии ыытыллар. Тырааныпсар министиэристибэтэ муниципальнай суолларга тахсыбыт ночооту ааҕар. ОДьКХ министиэристибэтин чахчытынан, өрөмүөн үлэтин атырдьах ыйын 20 күнүгэр түмүктүөхтэрэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 49 хаһаайыстыбаны уонна 3 сылгы баазатын чинчийдэ.

“Урбаан министиэристибэтэ Өймөкөөн оройуонугар таһаҕаһы тиэйиини быһаарда. 18 массыына тиийиэхтээх. Абый оройуонугар авиация тиэхиньикэтинэн уонна өрүһүнэн барыаҕа. Бу боппуруос быһаарыллар. Икки рейскэ сөп түбэһэр 8 туонна таһаҕаһы “Полярные авиалинии” тиэйэргэ бэлэм”, — диэтэ Саха сирин бастакы вице-премьерэ.

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Өймөкөөн оройуонугар үлэлиир, салгыы Абыйга барыахтара. Оройуоннартан тиийбит биригээдэлэр дьиэ муостатын көтүрэллэр эбит.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

 

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Сахалыы дьыктаан» аахсыйаҕа ыҥыраллар

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн сылын аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи "Сахалыы дьыктаан" аахсыйа  быйыл 12-с төгүлүн…

12 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйөбүл араас көрүҥэ оҥоһуллар

Саха сиригэр 38 байыаннай дьайыы инбэлиитэ уонна кини кэргэнэ  суоппары бэлэмнээһин бырагырааматыгар үөрэммит ороскуота төлөннө.…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быыһааччылар балыксыттарга көмөлөстүлэр

Бүгүн, олунньу  16 күнүгэр,  03.48 ч.  "112" суһал нүөмэргэ, Жатай бөһүөлэгин  чугаһыгар, арыыга, массыыналаах балыксыттар…

44 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара мэдиссиинэ көмөтүнэн толору туһаналлар

Өрөспүүбүлүкэҕэ  байыаннай дьайыы 4396 кыттааччыта мэдиссиинэ көмөтүнэн туһанна.   Бу туһунан олунньу 16 күнүгэр ыытыллыбыт…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Далбар хотун — 2026» күрэскэ ыҥырабыт!

Өбүгэ саҕаттан норуот төрүт үгэстэрин аныгы кэмҥэ барҕарда сайыннарар Сахабыт сирин иэйиэхсит ийэлэрин "ДАЛБАР ХОТУН”…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Павловскайга дьахтар АДПИ көмөтүнэн баһаартан быыһанна

Түүн үөһүгэр, 02:24 ч. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Павловскай нэһилиэгэр чааһынай дьиэҕэ уот турбутун туһунан Майатааҕы…

2 часа ago