Халлаан хаттыгастарын кистэлэҥэ
Кэлиҥҥи сылларга, ырааппакка бу да нэдиэлэҕэ, дьүкээбил уотун араас улуустарга үгүс киһи сөҕө-махтайа көрөр. Урут бу маннык сотору-сотору итиэннэ киин улуустарга кытта көстөрүн өйдөөбөт этим. Онон ити ураты көстүү туһунан халлаан сардаҥаларын үөрэтэр-чинчийэр РНА СС Ю.Г. Шафер аатынан Космофизическэй чинчийиилэргэ уонна аэрономияҕа институтун дириэктэрин научнай үлэҕэ солбуйааччы, физико-математическай билим хандьыдаата Семен Николашкинныын кэпсэттим.
Антарктидаҕа айан
1984-1986 сс. Космофизика институтун эдэр учуонайын Антарктида дьүкээбилин уотун чинчийтэрэ ыыппыттара. Оччолорго бу материкка элбэхтик сылдьаллараа. Владивостоктан Антарктидаҕа диэри 1,5 ыйы быһа хараабылынан айаннаан тиийбитэ. “Мииринэй” ыстаансыйаҕа түһэн баран, 6 чаас көтөн Соҕуруу полюс оройугар баар “Восток” ыстаансыйаны булбута.
– Семен Викторович, киһи эрэ барыта Антарктидаҕа сылдьыбатах буолуохтаах. Хайдах дойду этэй саха киһитин көрүүтүгэр?
– Ыстаансыйабыт 3-4 км халыҥнаах муус үрдүгэр, Соҕуруу полюс куупалын анныгар турара. Салгын үөһэттэн түһэр буолан, 5 тыһ. м үрдүктээх хайаҕа сылдьар курдугуҥ, тыынарга ыарахана. Кэлин ыстаансыйабыт анныгар 3,5 км дириҥнээх сиргэ уулаах күөлү булбуттара. Ону муус баттыырыттан ириэнэх сытар диэн быһаараллара. Хас эмэ мөлүйүөнүнэн сыл саастаах күөлгэ туох бактыарыйа баара биллибэт. Онон улахан сэрэҕинэн боруоба ылаллара. Биһиги полюс оройугар баар буоламмыт, онно дьүкээбил уота чараас лииньийэ курдук тахсара.
– Төһө тымныы этэй?
– “Восток” ыстаансыйа планета саамай тымныы полюhа буолар. Манна -89,3 кыраадыс тымныы бэлиэтэммитэ. Сайынын үксүн -20,-30 кыраадыс турар, саамай сылыйбыта -13 кыраадыс. Мин сылдьарбар саамай тымныйбыта -85. Ичигэстик таҥнан баран, сылдьыахха сөп. Тыаллаах, онто куһаҕан уонна салгын тиийбэт, аҕылаабытынан бараҕын.
Дьүкээбил уота
– Дьүкээбил уота күн актыыбынаһыттан тутулуктаах. Ити кэмиттэн кэмигэр хатыланар 11 сыллаах цикл. Дьүкээбил уота күн актыыбынаһын муҥутуур күүһүрэр кэмигэр эбэтэр тута ол кэнниттэн элбэхтик көстөр. Сир күнү тула эргийэ сылдьан, күн “вспышкатын” кэмигэр кэтэх өттүгэр баар буоллаҕына, ол эстии частицаларыгар таптарбат. Оттон таптардаҕына, частицалар үөһэттэн атмосфераҕа түһэн, дьүкээбили үөскэтэллэр. Электроннар халлаан үөһэ араҥатыгар гаастары – салгыны, азоту – кытта харсыһыыларыттан сырдааһын үөскүүр. Оттон араас өҥнөөх буолара ити атмосфера гааһын састаабыттан уонна үөһэттэн түһэр электроннай эниэргийэлэртэн тутулуктаах. Кыһыл өҥнөөх дьүкээбил – бу кыра эниэргийэ, 250-350 км үрдүккэ умайар, оттон күөх дьүһүннээх – күүстээх эниэргийэлээх частицалар 120 км курдук үрдүккэ умайалларыттан тахсар.
Оттон тоҕо Хотугу уонна Соҕуруу полюстарга эрэ умайар диэтэххэ, Сирбит магнитнай хонуутун быһыытыттан оннук буолар. Магнитнай хонуу кутурук өттүнэн частицалар киирэн тиэрбэс курдуктары үөскэтэллэр. Күүстээх магнитнай буурҕа ыга баттаатаҕына, ол тиэрбэстэр кэҥээн биэрэллэр. Ол түмүгэр дьүкээбил уотун Дьокуускайга тиийэ көрөбүт.
– Киһиэхэ дьайыылаах дуу?
– Дьүкээбил уота киһиэхэ дьайыыта суох, киһи хараҕар көстөр магнитнай буурҕа биир көрүҥэ буоллаҕа. Былырыын ахсынньы 5 күнүн түүнүгэр умайбыт кыһыл өҥнөөх дьүкээбилтэн үгүс киһи соһуйбута, дьиксиммитэ. Ити эппитим курдук, атмосфера гааһын састаабыттан уонна төһө үрдүккэ частицалар умайалларыттан, о.д.а. тахсар. Киhиэхэ дьайыыта диэн эмоциональнай (киhи кута-сүрэ) эрэ. Атын дьайыыта билиминэн дакаастаммакка турар.
Чинчийии
– Дьүкээбил уотун таһынан, кэнники кэмҥэ “Стив” диэн саҥа көстүү баар буолла. Кини атына диэн, тэтэркэй, күөх, кыһыл өҥнөөх, синньигэс быһыылаах. Саха сиригэр, ордук балаҕан ыйыгар, кулун тутарга, чуолаан күн түүннүүн тэҥнэһэр кэмигэр көстөр. Физическэй дааннайа олох атын – электрическэй токтар ионосфераны ититэллэриттэн үөскүүр. Итиннэ спектральнай лииньийэлэр – кыһыл, күөх, фиолетовай өҥнөр бииргэ түбэсиһэн, араас өҥү көрдөрөн таһаараллар. Киһиэхэ эмиэ туох да дьайыыта суох. Дьүкээбилтэн ураты түүҥҥү халлаан умайыыта диэн баар, бу киhи хараҕар көстүбэт гынан баран түүнү сырдатар көстүү. Маны үөрэтээри, Василий Макарович Игнатьевы кытта сүүрэн-көтөн бэйэбит интерферометр диэн прибору оҥорбуппут. Бу приборунан 97 км атмосфера температуратын кэмнээбиппит. 2004 сылтан “Лазерное зондирование атмосферы” уонна атмосфера аэрозолларын үөрэтии диэн саҥа хайысхалары киллэрбитим. Өктөмҥө уонна Нам Маймаҕатыгар өрүс үрдүгэр научнай-чинчийэр полигоннардаахпыт. Хомойуох иһин, быйылгы халаан уута Маймаҕатааҕы полигоны алдьатта эрээри, сорох прибордарбытын син чөлүгэр түһэрдибит. Манна атмосфера араҥаларын температуратын, ол эбэтэр халлааны 20 км үөһэ 97 км диэри төһө температуралааҕын араас прибордары туһанан кэмниибит. Биир кэмҥэ Тиксиигэ баар ракетнай ыстаансыйаттан аракыатаны көтүтэ сылдьыбыппыт. Ол эрээри ол үгүс үбү эрэйэр дьыала буолан тохтоппуппут, онон наар сиртэн чинчийиилэри ыытабыт. Бу үлэбит түмүктэрэ атмосфера моделларын оҥорууга туттуллаллар, ол эбэтэр күн актыыбынаһа, магнитнай буурҕалар килиимэккэ, күҥҥэ-дьылга дьайар моделларын оҥорууга олук буолаллар.
Бу үлэлэрбит түмүктэринэн бу ый бүтэhигэр Дьокуускайга Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэ ыытаары бэлэмнэнэ сылдьабыт. Онно киин куораттартан, Кытайтан уонтан тахса учуонай кэлэн билиилэрин-көрүүлэрин атастаhан барыахтара. Бу биhиэхэ да, эдэр учуонайдарга да улахан туhалаах тэрээһин буолар.
“Үөһээ дойду” ыалдьыттара
– Дьиҥэр, киһиэхэ куосумастан дьайар улахан кутталлаах туох да суох. Улахан буурҕалар сүрүннээн техносфераҕа дьайаллар, мэһэйдииллэр. Сир аргыстарын үлэлэрэ кэһиллиэн, сибээс арахсыан сөп. Магнитнай буурҕа киһи организмыгар быһаччы дьайарын мэдиссиинэ бигэргэтэ илик.
– Сир аргыһа үөһэттэн сууллан түһэр куттала баар дуу?
– Түһүөн сөп. Ону тустаах сулууспалар кыраҕытык кэтээн, салайан биэрэ сылдьаллар. Сир тардыытыгар үлэлээн бүппүт аргыстар көтө сылдьаллар. Оруобуна магнитнай буурҕа кэмигэр сир атмосферата үллэн тахсар, туормастыыра улаатар. Ол аайы аргыстар аллараа хаттыгастарга түһэн иһэллэр итиэннэ Сир атмосфератыгар киирэн, аара умайаллар. Улахаттары ааҕан-суоттаан, акыйааҥҥа түһэрэ сатыыллар. Улахан метеориттар аара атмосфераҕа умайбакка, Сиргэ төлө көтөн киирэр түбэлтэлэрэ дэҥнэтэн тахсар. Челябинскайга, Аллараа Тунгускаҕа кэлэн түспүттэрэ биллэр.
– Аллараа Тунгуска метеорита тоҕо суола-ииһэ суох сүтэн хаалбыта буолуой?
– Араас быһаарыы элбэх. Холобур, тааһы ууга бырахтахха, тэйэ-тэйэ барар дии. Эмиэ оннук сыыйа намтаан, атмосфера салгыныттан тэйэ-тэйэ баран иһэн салгыҥҥа эстибит итиэннэ уота-күөһэ суох эттигэ ханна эрэ ыраах хайа быыһыгар эбэтэр ууга эһиллэн хаалбыта буолуо, Саха сиригэр да түспүт буолуон сөп.
– Метеорит туох састааптан турарый?
– Үгүс метеорит таас буолар, ону учуонайдар хондрит диэн ааттыыллар. Отучча бырыhыана тимир састааптаах метеориттар буолаллар.
– Семен Викторович, климатическай сэрии буолар куттала баар дуу?
– Биһиги онон дьарыктаммаппыт гынан баран, ити куттал олоҕо суох. Килиимэт диэн уһун кэмҥэ барар бырассыас, киһи ылла да дьаһайбат. Метеорологическай өттүгэр, баҕар, орооһуон сөп.
– Аҕыйах сыллааҕыта кытайдар искусственнай күнү оҥордулар диэн буолбута.
– Искусственнай күнү уоттарын эниэргийэтин харыстаан, түүнү сырдатаары айаллар. Аргыска сүүнэ улахан фольга курдук чэпчэки матырыйаалы сыһыаран үөһэ таһааран, күн уотун тэйитэллэр.
Семен Викторович Николашкин Үөһээ Бүлүү Хоро орто оскуолатын бүтэрэн, 1976-1981 сс. СГУ физическэй бакылтыатыгар үөрэммитэ. Институкка кэлээтин кытта киниэхэ дьүкээбил уотун чинчийиини туттарбыттара. Эдэркээн уол Владимир Парфеньевич Самсонов салалтатынан научнай-чинчийэр үлэтин саҕалаабыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: