Бүлүү федеральнай суолга массыына түҥнэстибит
Хаар түһэн уонна күүскэ тымныйа илик буолан, тимир көлөҕө улахан халтараан буолбут. Бэҕэһээ, алтынньы 6 күнүгэр, «Бүлүү» федеральнай суол 249-с км-гэр (Горнай улууһа) киэһэ 5 чааска 29 саастаах эдэр киһи Тойота Филдерынан тимир көлөнү ситэн иһэн, сатаан урууллаабакка суолтан тахсан түҥнэстибит.
Саахал кэмигэр массыына иһигэр кэргэнэ, 4 уонна 5 саастаах оҕолоро бааллар эбиттэр. 4 саастаах оҕо саннын хаҥас оҥкумалын уҥуоҕун тоһуппут, онон амбулаторнай эмтэниини ааһар. Оттон суоппар уонна кэргэнэ, иккис оҕо араас эчэйиини ылбыттар. Оҕолор уонна кэргэнэ анал курунан баанан олорбуттар. Суоппар аһыы утаҕы испэтэх.
Саха сиринээҕи ГИБДД управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, саахал аспааллаах сиргэ буолбут уонна хаар түһэ турбут. Ол аата суол халтараан буолан биэрбит. Онон бу күннэргэ, инчэҕэй хаар түһэр кэмигэр, тимир көлөлөөхтөр сэрэнэн айанныыллара ирдэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: