«Халыма» суолугар хайаттан хаар сиҥнэн, айан тохтоото

Share

«Халыма» тыраассаҕа хайаттан хаар сиҥнэн, суолу бүөлээн, айан тохтоото диэн СӨ суһал ыстааба иһитиннэрэр.

«Халыма» федеральнай айан суолун Р-504 учаастагар Теплай Ключ бөһүөлэгиттэн (475 км) Эльга өрүскэ диэри (867 км) бары тиэхиньикэҕэ айан сабылынна. Маннык хааччахтааһын 519 км, 524 км, 594 км хайаттан хаар сиҥнэн түһүүтүттэн кулун тутар 31 күнүттэн оҥоһуллар. Тыраасса 594 км учаастагар хайаттан хаар иккиһин сиҥнэн түстэ диэн суһал ыстаапка биллэрдилэр.

Бэдэрээтчит тэрилтэ суол тиэхиньикэтин дьуһуурустубатын тэрийэн, хаары ыраастааһын уонна чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытыллаллар. «Бүлүү» суол тэрилтэтэ суол аһыллыар диэри суоппардары массыынанан ити хайысханан айанныыртан туттуналларыгар көрдөһөр.

А-331 «Бүлүү» уонна Р-504 «Халыма» федеральнай суолталаах массыына суолларын туруктарын туһунан боппуруостарынан диспетчерскэй сулууспа төлөпүөүнэн: 8(924)593-80-28 билсиэххитин сөп.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1995 сыллаахха ийэлээх аҕатын мэтириэтин тутан параакка хаампыт учуутал

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан “Өлбөт үйэлээх полк”…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха уола Москваҕа Кыайыы параадыгар кыттар

Москваҕа буолар Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх  параадыгар саха уола кыттарын туһунан үтүө сураҕы бүгүн…

42 минуты ago
  • Сүрүн

ХААРТЫСКА: Дьокуускайга «Кыайыыны аҕалбыт буойуннар» монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар "Кыайыыны аҕалбыт буойуннар" монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу…

60 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарыгар 150-тан тахса киһи үлэлиир

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга 154 исписэлиис үлэлиир диэн суһал ыстаап иһитиннэрэр. Суукка иһигэр барыта…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

101 саастаах сэрии бэтэрээнэ Наум Слепцов: “Күммүн сэрээккэттэн саҕалыыбын…”

Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын көрсө Марха бөһүөлэгэр 101 саастаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Манна күн аайы саҥа туруоруу

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр тутуллубут Култуура киинигэр мэлдьи олус элбэх көрөөччү мустар. Күн сардаҥата…

2 часа ago