Салгыы
«Халыма» айан суолун хаар бүөлээн, сырыы хааччахтанна

«Халыма» айан суолун хаар бүөлээн, сырыы хааччахтанна

27.03.2024, 22:03
Хаартыска: Саха сиринээҕи Управтодор
Бөлөххө киир:

Арассыыйатааҕы ЫБММ Саха сиринээҕи управлениета «Халыма» федеральнай айан  трассатын 594 км суолу хайа хаара бүөлүү түһэн, айан-сырыы быстах кэмҥэ харгыстаммытын туһунан иһитиннэрдэ.

Балаһыанньаны билсэ Томпо улууһун Теплай Ключ бөһүөлэгиттэн «ДЭП-133» суол тэрилтэтин исписэлиистэрэ айаҥҥа туруннулар.

Томпо уонна Өймөкөөн оройуоннарыгар сэрэтэр аншлагтары туруордулар: араас көлө тохтуур сирин уонна чугастааҕы аһыыр пууннары ыйдылар. Ол курдук,  430 км — Хаандыгаҕа, 507 км–  Теплай Ключка,  755 км — Күбүмэҕэ,  1009 км — Уус-Ньараҕа. Икки ГИБДД үлэһиттэрин пууна турда. Быстах кэмҥэ айан-сырыы хааччахтаммыт кэмигэр мустан турар айан массыыната суох.

«Вилюй» Упрдор ФКУ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 17 чаастан Теплай Ключтан (478 км)  Уус-Ньараҕа (963 км)  көлө бары көрүҥнэригэр   айан тохтотулунна. Суукканы эргиччи  89245938028  диспетчерскэй сулууспа төлөпүөнэ үлэлиир» — диэн http://t.me/mintrans_sakha иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: