Арассыыйатааҕы ЫБММ Саха сиринээҕи управлениета «Халыма» федеральнай айан трассатын 594 км суолу хайа хаара бүөлүү түһэн, айан-сырыы быстах кэмҥэ харгыстаммытын туһунан иһитиннэрдэ.
Балаһыанньаны билсэ Томпо улууһун Теплай Ключ бөһүөлэгиттэн «ДЭП-133» суол тэрилтэтин исписэлиистэрэ айаҥҥа туруннулар.
Томпо уонна Өймөкөөн оройуоннарыгар сэрэтэр аншлагтары туруордулар: араас көлө тохтуур сирин уонна чугастааҕы аһыыр пууннары ыйдылар. Ол курдук, 430 км — Хаандыгаҕа, 507 км– Теплай Ключка, 755 км — Күбүмэҕэ, 1009 км — Уус-Ньараҕа. Икки ГИБДД үлэһиттэрин пууна турда. Быстах кэмҥэ айан-сырыы хааччахтаммыт кэмигэр мустан турар айан массыыната суох.
— «Вилюй» Упрдор ФКУ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 17 чаастан Теплай Ключтан (478 км) Уус-Ньараҕа (963 км) көлө бары көрүҥнэригэр айан тохтотулунна. Суукканы эргиччи 89245938028 диспетчерскэй сулууспа төлөпүөнэ үлэлиир» — диэн http://t.me/mintrans_sakha иһитиннэрдэ.
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…