“Халыма” айан суолун Уус Ньара учаастагар аспаалы ууруу салҕанар
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгинэн ааһар Р-504 “Халыма” федеральнай трасса хапытаалынай өрөмүөнүн бырайыагын чэрчитинэн аспаалы тэлгэтии тэтимнээхтик барар.
“Быйыл федеральнай трасса 962 – 975 км сиргэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Аспааллааммыт суолу быйыл үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. Эбийиэк уопсай техническэй бэлэмэ 70% тэҥнэһэр” диэн «Бүлүү» федеральнай суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 20 устуука гофрированнай турбаны, ону тэҥэ аспаал аллараа араҥатын оҥордулар уонна 3094 миэтэрэ уһуннаах уот лиинийэтин тардыы түмүктэннэ.
Индигиир өрүһү туоруур үс муостаҕа эмиэ хапытаалынай өрөмүөн 348,5 миэтэрэ уһуннаах муоста — 70% бэлэм. 30,70 м Кутур Үрэх муостатын өрөмүөнэ — 94% бэлэм. 12,45 м усталаах Ампаар Үрүйэтэ 90% бэлэм.
Уус Ньара бөһүөлэгинэн ааһар аспаалламмыт суол 2024 сыл алтынньыга үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: