Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Халыма, Алдан өрүстэргэ уу таһыма үрдээтэ. Ол курдук, Аллараа Халыма Походскайыгар, Алдан Чагдатыгар, Уус Маайа Уус Миилигэр уу таһыма үрдээбитин туһунан СӨ гражданскай оборуонаҕа уонна нэһилиэнньэҕэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар миниистир Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ.
Аллараа Халыма улууһугар Халыма эбэҕэ муус хамсааһына салҕанар. Походскай нэһилиэккэ уу таһыма 1 001 см киритиичэскэй таһымҥа тиийбит. Онон ситимнээн уон киһи олорор үс тиэргэнэ ууга барбыт. Билиҥҥи туругунан, аэроразведкаҕа уонна балаһыанньаны сыаналыы диэн, Халыматааҕы суһал бөлөх бөртөлүөтүнэн көтөөрү бэлэмнэнэр.
Алдан өрүскэ муус устан ааспыт да буоллар, халаан уутун саҥа долгунун чэрчитинэн эбии уу кэлбит. Чагда нэһилиэгэр уу таһыма 1 672 см тэҥнэспит. Киритиичэскэй таһыма — 1 550 cм. Ол түмүгэр 16 тиэргэн ууга барбыт. Итиэннэ уу таһыма киритиичэскэй 1 470 таһымтан Уус Маайа оройуонун Уус Миил нэһилиэгэр барбыт. Уу таһыма — 1 481 см тэҥнэспит.
Онтон атын оройуоннарга халаан уута этэҥҥэ устар. Өлүөнэ өрүскэ Хабаров аатынан гидрометыстаансыйа аннынан муус хойуутук устар. Уу таһыма — 1 036 cм. Дьааҥы өрүскэ муус алын кирбиитэ Усуйаана анныгар бэлиэтэнэр. Уу таһыма — 477 см.
Быйыл анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын 2733 оҕотугар сайыҥҥы сынньалаҥы тэрийэр былааннаахтар. 1973 оҕо өрөспүүбүлүкэ муниципальнай…
«Саха сирэ» хаһыат 2025 сыл ыам ыйынааҕы нүөмэригэр «Социальнай көмө» диэн инфографика бэчээттэммитэ. Ол онно…
Айылҕа харыстабылын уонна айылҕа пааркаларын ураты харыстанар биологическай ресурсаларын дирекцията саҥа күн сирин көрбүт бизон…
Саха сиригэр «яконтрак14.рф» саҥа саайт үлэҕэ киирдэ. Манна хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сайаапка хаалларыахха сөп. Бу…
«Тооку» оҕо ханаалын 1 сааhын көрсө бэс ыйын 5 күнүттэн Саха сирин киинэ тыйаатырдарыгар «Айтал…
"Өлгөм үүнүү - сибиэһэй ас дэлэйэ" диэн оҕуруот аһын хайдах олордон, биэбэйдээн, көрөн-истэн өлгөм үүнүүну…