Салгыы
Халыма эбэҕэ муус Халыма сэлиэнньэтиттэн 20 км аллараа турар

Халыма эбэҕэ муус Халыма сэлиэнньэтиттэн 20 км аллараа турар

27.05.2024, 12:01
Хаартыска СИА
Бөлөххө киир:

Черскэй бөһүөлэгэр өрүс аһыллыыта ыам ыйын 29-31 күннэригэр күүтүллэр.

Арассыыйа Саха сиринээҕи ЫБММ кылаабынай управлениетын суһал бөлөхтөрө Өлүөнэ уонна Халыма өрүстэр бассейнарыгар халаан уутун содулларын кэтээн көрөллөр.  Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кытары иһитиннэрии уонна сэрэтэр кэпсэтиилэр ыытыллаллар диэн биэдэмэстибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Өлүөнэ өрүс мууһа Эдьигээн уонна Булун оройуоннарынан ааһар. Алын кытыыта Күһүүр таһыгар бэлиэтэнэр, уу таһыма 1739 cм тэҥнэһэр. Эдьигээн бөһүөлэгэр уу таһыма 1026 см. Муус сууккаҕа 433 км устар. Муус барыыта бэс ыйын саҥата күүтүллэр.

Оттон Яна өрүскэ муус Усуйаана оройуонунан устар. Аллараа кытыыта Хаһаачыйа бөһүөлэгэр бэлиэтэнэр. Уу таһыма — 970 cм тэҥнэһэр. Өрүс барыыта ыам ыйын 28-29 күннэригэр  күүтүллэр.

Индигир өрүс мууһа Абый улууһунан ааһар. Сууккаҕа 80 км ааспыт. Бу күннэргэ муус Аллайыаха оройуонугар тиийиэҕэ. Өрүс ыам ыйын 30 бэс ыйын 3  күннэригэр ааһыаҕа.  Халыма өрүс  мууһа Орто уонна Аллараа халыма оройуоннарынан ааһар. Уу таһыма  725 см тэҥнэһэр. Өрүс аһылыыта ыам ыйын бүтэһик күннэригэр күүтүллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: