«Халыма» федеральнай айан суолугар эппиэттээх үлэһиттэр сэрэтии үлэтин ыыттылар
Бэҕэһээ, от ыйын 18 күнүгэр, Р-504 “Халыма” федеральнай айан суолугар “Вилюй” Упрдор ФКУ, Судаарыстыбаннай инспекция уонна Ространснадзор исписэлиистэрэ ыарахан уйуктаах массыына суоппардарыгар сэрэтэр дьаһалы ыыттылар.
Сэрэтэр үлэ аахсыйата суолга айаҥҥа куттал суоһаабатыгар туһуланна. Суоппардарга ыйааһын уонна кээмэй нормативтарын кэһии иһин ыстарааптары уонна атын санкциялары быһаардылар.
Онон суол быраабылаларын ирдэбиллэрин тутуһууга, чуолаан, түргэни хааччахтааһыны тутуһууга уонна айанныырга куру баанарга ураты болҕомто уурулунна.
Бу быраабылалары кэһии ыарахан кыамталаах массыыналар быһылааннарын сүрүн төрүөтүнэн буолар.
«Суолга куттал суох буолуутун тупсарыы – Росавтодор уонна Судаарыстыбаннай автоинспекция иннилэригэр турар биир сүрүн сорук. Суолга куттал суох буолуутун хааччыйар маннык сэрэтэр дьаһаллар өрүү ыытыллыахтара», — диэн бэлиэтиир .
«Вилюй» Упрдор ФКУ пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: