«Халыма» федеральнай суолунан айан быстах кэмҥэ хааччахтанна

Share

Бу күннэргэ Халыма федеральнай суол Таатта улууһун эҥэр олох киһи айаннаабат буолан турарын туһунан араас видео уонна хаартыска социальнай ситимнэринэн тарҕанна.

Хаартыска: Өймөкөөн улууһун социальнай ситимнэриттэн.

Уустук  балаһыанньа туһунан “Бүлүү” Упрдор ФКУ пресс-сулууспатын салайааччыта Гаврил Матвеевтан быһаарарыгар көрдөстүбүт:

Бу күннэргэ уһун ардах түһэн,  “Халыма” федеральнай суол Таатта улууһун эҥэринэн ылбычча киһи айаннаабат  буолла. Онон сибээстээн балаҕан ыйын 13 күнүттэн балаҕан ыйын 14 күнүгэр диэри массыына айана хааччахтанна.  Быстах кэмҥэ хааччахтааһын суолу чөлүгэр түһэрэр уонна күн-дьыл туруга мөлтөх кэмигэр ыарахан уйуктаах массыыналар айанныыр кэмнэригэр суол куттала суох буолуутун хааччыйар инниттэн салалта маннык быһаарыыны ылынна. Бу этиллибит кэм устата бэдэрээтчит суолу чөлүгэр түһэрэргэ бары наадалаах дьаһаллары ыытар. Суолу оҥорууга 21 тиэхиньикэ үлэлиэҕэ: үс автогрейдер,   үс экскаватор, үс бульдозер, тоҕус самосвал, икки трал, биир УАЗ массыына.

“Бүлүү” Упрдор “Халыма” суолунан сылдьааччылары күн-дьыл туруга уонна суол туруга тупсуор диэри бу хайысханан айанныыртан туттунарга ыҥырар. Федеральнай суолталаах А-331 “Бүлүү” уонна Р-504 “Халыма”  федеральнай суоллар туруктарын 8 (924) 593-80-28 ФКУ диспетчерскэй сулууспатыгар эрийэн билсиэххитин сөп.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

2 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

2 часа ago