Халыма хааһа дьаабылыкалыын «доҕордоспута» — ураты амтан!

Share

Саха норуотун төрүт үгэһигэр  биир суолталаах көрүҥ быһыытынан аһыыр аһылык эмиэ киирэр.  

Ол ону учуоттаан СӨ «Ыалдьытымсах буолуу индустрията»  ассоциацията «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» событийнай туризм бэстибээлин чэрчитинэн «Саха сирин амтана» гастрономическай тэрээһини тэрийэн ыытар.

«Орто дойду» туристическай комплекс хаһаайыннара, урбаанньыт дьиэ кэргэн Петр уонна Марианна Андреевтар «Орто дойду» эрэстэрээннэрэ былырыын ахсынньыга бэрт интэриэһинэй сонун бырагырааманы билиһиннэрбитэ. Киһи кэрэхсиэҕэ, ол тэрээһин биир күннээх дьону соһутар тэрээһин буолбакка, өр кэмнээх үгэскэ кубулуйбут — саха төрүт үгэһин, култууратын кэпсиир, көрдөрөр, амсатар, быһата, туристар болҕомтолорун тардар улахан тэрээһин буолан, салҕана турар. Эрэстэрээн  Олоҥхо тыйаатырын кытта «Орто дойду» гастрономическай тыйаатыр» диэн тэрээһини холбоһон тэрийиилэрин туристар, манна кэлэ ыалдьыттар олус сөбүлүү ылыннылар.

Соторутааҕыта эрэстэрээн шеф-пуобара Венера Иннокентьева «Байанай бэлэҕэ» диэн — куобах, хаас, кус, эттэриттэн 9 бүлүүдэ араас көрүҥүн астаан билиһиннэрдэ.

Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Василина Баланова «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхоттон быһа тардыыны толордо.

Ньурбаттан төрүттээх Венера Иннокентьева «сүүрбэттэн тахса сыл тухары туох эрэ ураты бүлүүдэни астыахпын баҕарбытым» диэн бэлиэтиир. Кэлиҥҥи сылларга ол баҕа санаата туолбутун асчыт маннык кэпсиир:

Саха төрүт аһын Венера Краснославовна атын дойду куукуналарын кытта өрүү тэҥнээн көрөр эбит. Оннооҕор Москваҕа  үөрэнэ сылдьан кытта бу тиэмэни «төбөтүгэр өрүү буһара сылдьарын» туһунан маннык кэпсээтэ:

«Байанай бэлэҕэ» булт аһын эрэстэрээн шеф-пуобара бэрт уратытык астаан соһутта. Холобура, Халыма хааһа дьаабылыканы кытта «доҕордоспута», дьэ, олох саха аһын ураты амтана буолла! Туматын кистэлэҥин быһаарда да, ылбычча киһи өйүгэр тутан хаалбат эбит. Биири өйдөөн хааллым — дьаабылыканы кытта духовкаҕа үтүллүбүт хааска грецкэй эриэхэ ас туматыгар эбиллибитэ — умнуллубат амтан…

Оттон куобах этин маннык нарын көстүүлээх, минньигэс амтаннаах мусс гына оҥорон таһаарыы, туһугар, эмиэ ускуустуба эбээт!

Убаһа этиттэн дыраһааҥка, син эмиэ көстүүтүн курдук, хараххын манньытан баран,  киһи айаҕар ууллан хаалар минньигэс.

Бэркиһээн, асчыттан астыыр ньымаларын ыйыппыппар, маннык хоруйдаата:

Тыйаатыр тыйаатыр курдук, «Орто дойдуга» барыта кырасыабай, киһи хараҕын сынньатар, дууһатын уоскутар көстүү. Остуол тардыллыбыт истиилин этэ да барбаккын.

Театрализованнай бырагыраама үһүс көстүүтэ — итии чэй иһэ-иһэ дьоро киэһэ туһунан санаа атастаһыыта. Манна хаһаайыттарга, асчыкка туһаайан үтүө тыл бастыҥа эрэ этиллэр буолбакка, тэрээһиҥҥэ өссө тугу тупсаран, эбии тугу оҥоруохха сөбүн туһунан дьон санаатын этэр.

Гастрономическай тыйаатыр ис хоһоонун туһунан бу бырайыак ааптара Марианна Андреева бу курдук билиһиннэрдэ:

Кустааһын сезона үүнээри турдаҕына гастрономическай тыйаатыр көтөр булдугар ананна. Бу туһунан Марианна Андреева сиһилии бу курдук кэпсээтэ:

«Орто дойду» эрэстэрээн сонун бырайыага туристическай хайысхаҕа биир сонун сүүрээнинэн буолара саарбаҕа суох. Бу туһунан Марианна Матвеевна санаатын маннык үллэстэр:

Биллэн турар, түмүккэ тэрээһин туһунан бу тэрээһини олус сөбүлээн, анаан бырагырааматын истэ-көрө сылдьан, төрдүс сырыытын  кэлэр ыалдьыттан санаатын ыйыттым.

…Ити курдук, саха норуотун үгэһэ култуураҕа, иискэ-таҥаска, мас-тимир оҥоһукка эрэ буолбакка, аһылыгар кытта баарын сырдатан, ону сайыннара сылдьар туризм эйгэтигэр улахан кылааттарын киллэрэ сылдьар урбаанньыт Андреевтар сылы быһа араас тиэмэлээх гастрономическай тыйаатырдарын дьонноругар-сэргэлэригэр билиһиннэриэхтэрэ.

Муус устар 28 күнүгэр аны олоҥхоһут Яна Ньургусова шеф-пуобар Венера Иннокентьеваны кытта «Байанай бэлэҕин» утары уунуохтара.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

11 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

12 часов ago