Халыма-Индигиир улуустарыгар социальнай эбийиэктэри тутуу ыытыллар

Share

Бу күннэргэ СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романов Халыма-Индигиир быыбардыыр уокуругуттан Ил Түмэн дьокутааттара Гаврил Алексеевы уонна Евгений Слепцовы кытта көрүстэ.

Өрүттэр Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Абый, Муома уонна Өймөкөөн улуустарыгар инфраструктураны сайыннарыыга туһуламмыт социальнай эбийиэктэри тутуу боппуруостарын дьүүллэстилэр.  “Саха сирэ 21-с үйэҕэ” үтүө дьыала өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын чэрчитинэн инвестиция бырагыраамаларын, бырайыактарын олоххо  киллэрии боппуруостара Халыма-Индигиир уокуругар сытыытык турар. Ол курдук, Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгэр судаарыстыба бүддьүөтүттэн үп көрүллүбүт 60 миэстэлээх оскуола тутуутун түмүктээһин былааннанар. Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн нэһилиэгэр, Орто Халыма улууһун Среднеколымскай, Абый улууһун Кэбэргэнэ нэһилиэктэригэр элбэх кыбартыыралаах исписэлиистэр дьиэлэрэ тутуулара эмиэ былааҥҥа турар.

— Тутуу үлэтин кэмигэр түмүктүүр туһугар, муниципальнай сакаасчыттар быйылгы сыллааҕы көрүллүбүт дуогабардары кытта тэтимнээх үлэни ыыталлара наада. Бу бэдэрээтчиттэр тутуу матырыйаалларын миэстэтигэр кэмигэр тиэрдэллэригэр кыаҕы биэриэҕэ. Сүрүн бырайыактар ​​бары олохтоммут болдьоххо түмүктэниэхтээхтэр, онон  бу дьүүллэспит боппуруостарбыт ураты хонтуруолга сылдьаллар», — диэн бэлиэтээтэ миниистир Виктор Романов көрсүһүүнү түмүктүүрүгэр.

Халыма-Индигиир быыбардыыр уокуругар Ил Түмэн дьокутааттара бу түөрт хотугу улууска олорор усулуобуйаны тупсарыыга туһуламмыт саҥа бырайыактары олоххо киллэриини сэргэ, тутулла турар эбийиэктэри түмүктээһин улахан суолталааҕын кытта сөбүлэстилэр уонна туһааннаах үлэни ыыталларын иһитиннэрдилэр.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Өспөхтөр чуҥкуйары билбэттэр

Уус Алдан улууһугар Өспөх нэһилиэгэр дьон-сэргэ тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр олохтоохтор, оскуола үөрэнээччилэрэ кинигэ…

13 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөкүттэр Дубай сакалаатыгар тиийбиттэр

Түөкүттэр дьон саамай интэриэһиргиир сонунун, өрүтүн ким хайа иннинэ туһана охсоллор. Онон мөкү болҕомтоҕо, аны,…

29 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьуһуурунай борокуруор: түөкүттэр угаайыларыттан сэрэниҥ!

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу аҕыс түбэлтэтэ бэлиэтэммит.  Борокуратуура буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Экэниэмикэ миниистирэ Петр Попов «Тэтим» араадьыйа биэриитигэр кыттыаҕа

Бүгүн, тохсунньу 31 күнүгэр, «Тэтим» араадьыйа быһа эпииригэр СӨ экэниэмикэтин миниистирэ Петр Попов кыттыыны ылыаҕа. …

1 час ago
  • Култуура
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Аммалар Улуу Кыайыы 80 сылынан

Улуу Кыайыы 80 сылынан Амматааҕы О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан айар сайдыы киинин үлэтэ далааһыннанар. Ол курдук, Ольга…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

“Сахамедиа” холдинг массыыната Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа сэлиэнньэтигэр бэрт сыыдамнык айаннаан тиийэн, салгыы Араҥас учаастак…

2 часа ago