Халыма-Индигиир улуустарын спортсменнара өйөбүллээх буолан, үгүс тэрээһини ыыталлар
Бу күннэргэ Халыма-Индигиир улуустарыгар үгүс суолталаах спортивнай тэрээһиннэр буола тураллар.
Ол курдук, ахсынньы 8-10 күннэригэр Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр ыытыллар СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка туйгуна Савелий Оконешников сырдык кэриэһигэр хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир саҕаланна.
Бу иннинэ Тымныы полюһа Өймөкөөн бастыҥ, киэн туттар ыччата, меценат-спортсмен Александр Крылов кэриэһигэр көҥүл тустууга бүтүн Арассыыйатааҕы турнир киин куоракка ыытыллыбыта. Суолталаах тэрээһиннэргэ Халыма-Индигиир уокурукка Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев улахан өйөбүлү оҥордо.
Маны таһынан, Гаврил Николаевич Муома улууһуттан төрүттээх Чурапчы спортивнай оскуолатын иитиллээччитэ, оҕо уонна ыччат ортотугар Арассыыйа, Уһук Илин, өрөспүүбүлүкэ тустууга үгүс күрэхтэһиитин кыайыылааҕа Артем Слепцову кынатыгар ылан, Арктикаттан олимпийскай чөмпүйүөнү иитэн таһаарар соруктаах үлэлэһэр.
Халыма-Индигиир уокуругун олохтоохторо норуот дьокутаата Гаврил Алексеевка хоту уонна Арктика улуустарыгар успуорт тэрээһиннэрин өрүү бастакынан өйүүрүгэр махталлара сүҥкэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: