Халыма-Индигиир улуустарын Ил Түмэҥҥэ дьокутаата марафон кыайыылаахтарын бэлиэтээтэ
Халыма-Индигиир уокуругуттан Ил Түмэҥҥэ норуот дьокутаата Гаврил Алексеев эппиэттээх түөрт хоту улуустар бары суолталаах тэрээһиннэрин өйүүр.
Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка Уопсастыбаннай киин аактабай саалатыгар быйыл Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» VI экстремальнай марафон түмүгүн таһаарыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста. Суолталаах экстремальнай марафону дьокутаат үгэс быһыытынан эмиэ өйөөтө. Ол курдук, Гаврил Алексеев спонсор быһыытынан абсолютнай чөмпүйүөннэргэ харчы сэртипикээтин туттарда.
Дьахталларга сүрүн бирииһи Орто Халыма улууһуттан 40-49 саастаахтарга 42 км 100 м 3:49, 46 бириэмэҕэ сүүрэн кэлбит Марина Седалищева ылла.
Эр дьоҥҥо 18-39 саастаахтарга 3:28.43 бириэмэҕэ 42 км 100 м сүүрэн кэлбит, Хаҥалас улууһуттан абсолютнай чөмпүйүөнэ Леонид Зыковка эмиэ Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев анал сэртэпикээтин туттарда.
Өймөкөөн улууһун VI экстремальнай марафонугар Арассыыйа 17 эрэгийиэниттэн уонна Саха сирин 13 улууһуттан 50 спортсмен кыттыыны ылбыта. Тэрээһин Улуу Кыайыы 80 сылыгар, Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччилэр, Саха сиригэр – Ийэ дойду көмүскээччи сылларыгар ананна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: