Халыма оройуоннарын аһынан-үөлүнэн хааччыйыы быйыл хайдаҕый?

Share

Халыма оройуоннарыгар чычаас ууга устар кыахтаах суудуналар 114 туоннаттан тахса аһы-үөлү тиэртилэр.

Якутоптторг «Фрейр» уонна «Актер» диэн оннук суудуналара  Халыманан 17 рейси оҥордулар. Бу бэс ыйын 20 күнүттэн балаҕан ыйын саҥатыгар диэри. Онон Зырянкаҕа уонна Орто Халыма куоратыгар 114 туонна ас-үөл арааһа тиэрдилиннэ.

Арктика өрүстэригэр уу таһыма намыһах буолан, 2019  сылтан  Якутоптторг суудуналара Орто Халыманы уонна Зярынканы аһынан-үөлүнэн хааччыйарга Халыма өрүһүнэн кыайан айаннаабат этилэр. Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, бу кыһалҕалаах боппуруоһу быһаарарга «Якутоптторг» АУо Арктика оройуоннарын оҕуруот аһынан уонна фруктанан тиһиктээхтик хааччыйарыгар «Фрейр» диэн 8 туоннаҕа диэри таһаҕас тиэйэр суудуналаммыта. Билигин «Фрейр» уонна оннук «Актер» суудуналар Зырянканы уонна Орто Халыманы ас-үөл арааһынан «Магдебург» теплоход-рефрижератор кэлиэр диэри хааччыйаллар.

«Логистика саҥа схемата оҥоһуллуор диэри биһиги аһы-үөлү быһаччы Владивостоктан ылбыппыт. Ол иһин, Дьокуускайдааҕар сыана чэпчэки буолан тахсыбыта. Бу тиһиктээхтик оҥоһуллар рейстэр.  Онон навигация кэмигэр сибиэһэй аһылыгынан хааччылыннылар. Дьоннор билигин аһы-үөлү элбэҕи ылан бараары уочараттаан турбаттар. Сотору эмиэ ас-үөл тиэллэн кэлиэ диэн билэллэр. Бу биһиги үлэбит түмүгэ«, — диэн Якутопттортан иһитиннэрэллэр.

Бэлиэтэнэринэн, бу суудуналар Халыма оройуоннарыгар 114 туонна ас-үөл арааһын тиэрдибиттэрэ салгын аалынан 25 рейси оҥорбукка тэҥнээх.

Кыһынын «Фрейр» Үөһээ Халыма оройуонугар Зырянкаҕа саҥа эргиэн-логистика киинин сиригэр-уотугар турар. Эһиил суудуналар эмиэ ас-үөл арааһынан хааччыйарга үлэлээбитинэн барыахтара. Маныаха Дьааҥы өрүс кытыытынан сытар нэһилиэнньэлээх пууннары аһынан-үөлүнэн хааччыйарга өссө биир суудуна тутуллара былааннанар.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3375202 киирэн ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

11 минут ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

29 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

58 минут ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

1 час ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

2 часа ago