“Халыма” Р-504 тыраассатыгар икки учаастагы болдьоҕун иннинэ үлэҕэ киллэрдилэр

“Халыма” Р-504 тыраассатыгар икки учаастагы болдьоҕун иннинэ үлэҕэ киллэрдилэр

26.09.2024, 11:41
Хаартыска: "Бүлүү" Упрдор ФКУ пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Суолу оҥоруу уопсайа 24 км усталаах икки учаастакка ыытылынна: 962 км – 975 км сиргэ хапытаалынай өрөмүөн, оттон 1121 км – 1142 км уларытан оҥоруу барда, диэн иһитиннэрэр “Бүлүү” Упрдор ФКУ пресс-сулууспата.

Тэрээһиҥҥэ “Бүлүү” Упрдор ФКУ начаалынньыга Николай Андреев, Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников, Уус Ньара бөһ. баһылыга Виктория Понамарчук уонна бэдэрээттиир тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Уус Ньара бөһ. нөҥүө ааһар хапытаалынай өрөмүөннэммит учаастак Өймөкөөн улууһугар бастакы аспаал сабыылаах суол буолар. Маны тэҥэ Индигир, Күтүр Үрэх уонна Амбаар Үрүйэтэ өрүстэр нөҥүө уопсайа 391,6 км пог. м. усталаах үс күргэни өрөмүөннээтилэр. Куттала суох айаны хааччыйар инниттэн 3,9 тыһ. пог. м. усталаах хаххалыыр аҕырааданы уонна 3 км усталаах уот лиинийэтин туруордулар. Олохтоох дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн 2,6 тыһ. кв. миэтирэлээх тротуар, түөрт саҥа оптуобус тохтобула уонна суоппардар сынньанар былаһааккалара оҥоһулунна, саҥа суол бэлиэлэрин туруордулар, уруһуйдаатылар. Эбийиэк болдьоҕун иннинэ үлэҕэ киирдэ.

Иккис эбийиэккэ хайа уонна Ньара өрүс икки ардынан ааһар “Нерскэй прижим” учаастагы уларытан оҥоруу 1-кы, 2-с түһүмэхтэрэ бүттүлэр. Учаастак 2025 сылга бүтүөхтээҕин, эрдэ бүтэрбиттэр. 8 км усталаах 3-4 түһүмэхтэри үлэҕэ киллэрии кэлэр сылга былааннанар.

Уларытан оҥоруу түмүгэр “Халыма” суолугар биир саамай кутталлаах учаастак суох буолла. Кытылы бөҕөргөтөр, хаххалыыр аҕыраадалар, ууну аһарар тутуулар оҥоһулуннулар.

“Саха Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө туох баар аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир “Халыма” массыына суолугар саҥаттан оҥоһуллубут икки учаастагы киллэрдибит”, — диэн бэлиэтээтэ “Бүлүү” Упрдор ФКУ начаалынньыга Николай Андреев.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: