«Халыма» суолугар айан-сырыы сөргүтүлүннэ
03.04.2023, 12:11

Хаартыска: "Бүлүү" упрдор
Бөлөххө киир:
«Халыма» федеральнай суолга хайаттан хаар сиҥнэн, үгүс массыына хаайтаран турбута. Хаары ыраастааннар, бэҕэһээ, муус устар 2 күнүгэр, киэһээ 20 чаастан айан-сырыы чөлүгэр түһэриллибитин туһунан «Бүлүү» упрдор иһитиннэрдэ.
Ол курдук, бу күннэргэ «Халыма» федеральнай суолун Р-504 учаастагар Теплай Ключ бөһүөлэгиттэн (475 км) Эльга өрүскэ диэри (867 км) бары тиэхиньикэҕэ айан сабыллыбыта. Билиҥҥитэ суол биир балаһата үлэлиир. Сорох өттүн өссө да хаартан ыраастыы сылдьаллар.
А-331 «Бүлүү» уонна Р-504 «Халыма» федеральнай суолталаах массыына суолларын туруктарын туһунан боппуруостарынан диспетчерскэй сулууспа төлөпүөүнэн: 8(924)593-80-28 билсиэххитин сөп.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: