Салгыы
«Халыма» суолугар быстах кэмҥэ сырыы тохтоото

«Халыма» суолугар быстах кэмҥэ сырыы тохтоото

22.05.2023, 13:44
Хаартыска: Таатта улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Таатта улууһугар үрэхтэр уулара эбиллэ турар. Уу бу курдук эбиллэ турдаҕына, олорор дьиэлэри да ылыан сөп. Онон  федеральнай суол 294 килэмиэтиригэр ууну ыытан, быстах кэмҥэ сырыыны тохтотор туһунан быһаарыы ылылынна.

Хаартыска: Таатта улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.

«Ыам ыйын 22 күнүгэр эбиэттэн киэһэ Халыма федеральнай суол 294 килэмиэтиригэр суолу алдьатыахтара. Бу быһаарыныы үөһээттэн иһэр уу харгыһа суох Алдан өрүскэ түһэрин хааччыйарга ылылынна. Онон Томпоҕо, Өймөкөөҥҥө быстах кэмҥэ сырыы тохтуоҕа.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Уус Таатта суола 3 сиринэн быстан турар. Бу суолга икки муоста уонна турба ууну хаайан тураллар. Үөһээттэн кэлэр уу харгыһа суох барыытын хааччыйыыга бу сири хаһан дириҥэтии боппуруоһун үөрэтэн баран, үлэ ыытыллыаҕа», — диэн Таатта улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хаартыска: Таатта улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Даамбалары, үрэҕи, суолу көрөн-истэн баран, ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйата нэһилиэнньэлээх пууннары быыһыыр туһуттан суолу алдьатар быһаарыыны ылынна. Хаар халыҥ буолан уонна ардах кэннэ Чурапчы уонна Таатта улуустарын ууну харайар сирдэрэ туолан, таһымнаан тураллар. Липпэлээх уонна Кыйы быһыттара алдьаммыттарын, суһаллык оҥорбуттара.

Хаартыска: СИА.

«Бу ыксаллаах балаһыанньаҕа саамай сөптөөх быһаарыы дии саныыбын. Быстах кэмҥэ суолу саппыт ордук, халаан содула улахан буолуон сөп. Уу түстэ да, суол бу учаастага оҥоһулла охсуоҕа, сырыы сөргүтүллүөҕэ. Урут да ыксаллаах түгэҥҥэ маннык дьаһаныы буолааччы» диэн бырабыыталыстыба бэрэссээдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников телеграм-ханаалыгар суруйда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: