Хамаҕатта «Тупсууната» суолталаах тэрээһини сахалыы тыыннаата
Быыбарга анаан тэринэн тахсар уопсастыбаннай түмсүүлэр бааллар эбит.
Ол курдук, Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгин «Тупсууна» дьахталлар сэбиэттэрэ бүгүн мааны сахалыы таҥастарын таҥнан, анаан түмсэн, быыбарга көхтөөхтүк кытыннылар.
Бу туһунан «Тупсууна» дьахталлар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Мария Аманатова маннык кэпсиир:
—— Сахалыы таҥнан тахсыыбыт — урукку кэмнэргэ Хамаҕатта нэһилиэгэр дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн тахсыылаатык үлэлии сылдьыбыт салайааччыбыт Анна Заровняева холобурун батыһыы. Кини уһуйааччы быһыытынан биһиэхэ эрэ буолбакка, биир дойдулаахтарыгар барыларыгар үтүө дьыаланы оҥорууга бастыҥ сүбэһиппит. Кини бары суолталаах тэрээһиннэргэ хайаан да сахалыы таҥаһын кэтэр. Захаровна биһиэхэ өрүү холобур буолар киһибит. Оттон бүгүн өрөспүүбүлүкэбит салайааччытын — Ил Дарханы, сокуону оҥорор бас-көс дьоммутун — Ил Түмэн дьокутаатарын, Нам улууһун баһылыгын талар эппиэттээх тэрээһиҥҥэ сахалыы таҥнан, «мин — сахабын!» диэн киэн тутта быыбардыыр күммүт буоллаҕа.
«Этэҥҥэ сырыт, ыалдьыма, өрүү дьонуҥ-сэргэҥ ортотугар күлэ-үөрэ сырыт диэн «тупсууналар» өрүү бастыҥ холобурун батыһар киһибитигэр Анна Захаровнабытыгар алгыспытын ыытабыт.
«Тупсууна» дьахтар сэбиэтэ нэһилиэкпит сайдыытыгар, соҕотох уонна элбэх оҕолоох ийэлэри кытта анаан үлэлэһэбит.
Быыбар курдук суолталаах тэрээһин — дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит, нэһилиэкпит сайдыытыгар туһуланар буоллаҕа. Ол иһин дьахталлар өрүү көхтөөхтүк кыттабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: